Архив за месяц: Февраль 2023

Игидэй нэһилиэгэр саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Олунньу 16 күнүгэр А. Ф. Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспатын туйгуна, «Игидэй нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иэйии» коммерческайа суох тэрилтэ, улуустааҕы «Уран тыл» литературнай түмсүү кыттыылааҕа, айар куттаах Александра Жулева-Суһума араас кэмнэргэ уус-уран күрэстэргэ кыттыбыт кэпсээннэринэн тахсыбыт «Эйиэхэ» диэн кинигэтин биһирэмэ  буолан ааста. Александра Жулева-Суһума… Читать далее »

Игидэй нэһилиэгэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ

Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ. Бу күн Игидэй нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут «Сахалыы дьыктаан» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытылынна. Барыта 35 киһи быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолар Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай «Тураах тууһута» кэпсээниттэн быһа тардыыны  суруйда. Түмүккэ «Дьыктаан муҥутуур кыайыылааҕа» анал ааты Мавра Павловна Матаннанова үһүс төгүлүн ылары ситистэ. «Бастыҥ буочар» анал аат Дария… Читать далее »