Улуу Кыайыы 80 сылынан «Сүгүрүйэбит! Умнубаппыт! Махтанабыт!» диэн өйдөбүнньүк-альбом күн сирин көрдө. Альбом тахсыытыгар олохтоох дьаһалта, бэтэрээн сэбиэтэ, музей, библиотека үлэһиттэрэ үлэлэстилэр.
Альбомҥа сэрии, тыыл ветераннарын, сэрии сылын оҕолорун туһунан ахтыылар, хаартыскалар түмүллэн киирдилэр.
Альбом Улуу Кыайыы 80 сылынан ытыктыыр ветераннарбытыгар дьоһун бэлэх буолла.