1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
32 views

Саха дьахталларыттан бастакы чинчийээччи Андросова – Ионова Мария Николаевна төрөөбүтэ 160 сыла

Мария Николаевна Андросова – Ионова олоҥхоһут, тойуксут, этнограф, Россия географическай уопсастыбатын Кыһыл көмүс мэдээлинэн наҕараадаламмыт Саха сирин дьахталларыттан бастакы чинчийээччи быһыытынан  биллэр.

Кини 1864 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр урукку Байаҕантай уонна Боотурускай улууһун кирбиилэригэр, II Игидэй нэһилиэгэр, Таатта үрэх хочотун Таастаах диэн түөлбэтигэр, билиҥҥинэн Таатта улууһун сиригэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, эһэтигэр Николай Петровка (Күйүгэс Ньукулайга) иитиллибитэ. Маайака кыыс оҕо эрдэҕиттэн олоҥхоһуттары, сээркээн сэһэнньиттэри сөбүлээн истэрэ, биир саастыылаахтарыгар кэпсиирэ. Кэлин айар, ыллыыр-туойар, олоҥхолуур дьоҕура биллэ сайдыбыта. Кини аата чулуу олоҥхоһут, ырыаһыт быһыытынан бүтүн улуус үрдүнэн тарҕаммыта.

Өймөкөөҥҥө аатырбыт атыыһыкка үстэ ат ындыытынан сылдьан, туруу үлэһитинэн биллэн, Бөҕө Маарыйа диэн ааттаммыта. Мария Николаевна Тааттаҕа сыылкаҕа кэлэн олорор В.М. Ионов чааһынай оскуолатыгар үөрэнэн, оччотооҕу Бетлингк академик транскрипциятынан олохтоох саха суругунан көҥүл ааҕар, суруйар буолбута. 1893 с. В.М. Ионовка кэргэн тахсыбыта. Всеволод Михайлович үөрэхтээх, киэҥ билиилээх киһи буолан, Мария Николаевна киниттэн элбэххэ үөрэммитэ, улэтигэр көмөлөһөөччү буолбута. Олоҥхоһут бэрдэ, сахалыы суруксуттуу үөрэммит Мария Николаевна Э.К. Пекарскайга икки олоҥхону – «Күл-күл бөҕө оҕонньор Силирикээн эмээхсин икки», «Үүт аас бэйэлээх үрүҥ айыы тойон ыччаттара» уонна «Орто дойдуга тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ баай Барыылаах» диэн олоҥхо саҕаланыытын суруйталаан биэрбитэ. Э.К. Пекарскай бу олоҥхолору үс томнаах, аҕыс таһаарыылаах «Образцы народной литературы якутов» диэн үлэтигэр бэчээттэтэн турар.

Мария Николаевна саха театральнай искусствота бастакы хардыыларын оҥоруутугар тус кылаатын киллэрсибитэ. Ол курдук, кэлиҥҥи булуунан 1906 с. сыанаҕа «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» диэн үс көстүүлээх олоҥхоҕо М.Н.Андросова Айыы Сабаҕай эмээхсин оруолун толорбут, «Кулун кугас аттаах Кулантай бухатыыр» диэн олоҥхо турбутугар сүрүн оруолу Үрүҥ Үкэйдээн, онтон 1908 с. турбут В.В. Никифоров «Манчаары түөкүн» айымньытыгар Манчаары ийэтин уонна Бэрт Маарыйа оруолларын оонньообута.

Россия Наукаларын Академиятын Санкт-Петербурдааөы архыыбыгар Всеволод Михайлович уонна Мария Николаевна Ионовтар сахалар олохторун-дьаһахтарын, сиэрин-туомун, итэҕэллэрин туһунан хомуйбут элбэх матырыйааллара хараллан сыталлар, ол иһигэр 25 паапкаттан 17-тэ Мария Николаевна саха ойууннааһынын туһунан хомуйбут матырыйаала. Кини кэргэнэ өлбүтүн кэннэ, 1922 с. Петроградка кэлэн, Этнография уонна Антропология музейыгар киирэн 1930 с. диэри үлэлээбитэ. 1925 с. Москва куоракка «Оҕуруот аһын үүннэриитэ» диэн кинигэтин сахатын дьонугар бэлэх уунан бэчээттэппитэ. Маны таһынан чинчийээччи быһыытынан «Ынах сүөһү олоҕо-дьаһаҕа», «Балаҕаҥҥа киирэр кэм», «Хат дьахтар харыһа», «Билгэ» уо.д.а. үлэлэрдээх. 1925-1926 сс. Мария Николаевна ССРС Наукаларын Академиятын Саха сиригэр ыытыллыбыт комплекснай экспедициятын «Киһи» диэн секциятыгар кыттыыны ылбыта. Наука эйгэтигэр элбэх сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, 1925 с. Нуучча географическай обществотын кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Э.К.Пекарскай фундаментальнай үлэтигэр «Саха тылын тылдьытыгар» улахан көмөнү оҥорбута. Академик ити кэмҥэ суруйбут суругар: «Мария Николаевна Бүлүү этэрээтин састаабыгар киллэриллэн барда, аҕыйах хонуктааҕыта Ньуучча географическай обществотын сыллааҕы мунньаҕар этнографияҕа үлэлэрин иһин киниэхэ кыһыл көмүс мэдээл туттарылынна, оттон Иркутскай биир профессорыгар үрүҥ эрэ көмүс мэдээл ананна, Мария Николаевна Саха сириттэн ытыктабыллаах учуутал кэргэнэ буолбутун да иһин, судургу саха дьахтарын быһыытынан эбит буоллаҕына, оттон билигин наҕараадаламмыт үөрэхтээх хотун быһыытынан төннөр» диэн үрдүк сыанабылы биэрэр.

Мария Николаевна саха интеллигенциятын  бас-көс дьоно В.В. Никифоров – Күлүмнүүрү, А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээҕи, учуутал Н.Е. Афанасьевы, лингвист С.А. Новгородовы, Саха сирин уонна саха тылын чинчийээчилэр Э.К. Пекарскайы, И.И. Майновы, В.М. Ионовы, В.Н. Васильевы, Г.У. Эргиһи кытта бииргэ үлэлэспит, кинилэргэ көмөлөспүт сүдү үтүөлээх.

Уһулуччулаах чинчийээччи учуонай Гавриил Ксенофонтов үрдүк сыанабылы биэрбит эбит: «Өскөтүн бу үлэлэри бэчээттэтэр буоллар, сахалар бэйэлэрэ Хангаловтаныахтара этэ», – диэн бу бүрээт омук аатырбыт фольклориһыгар, этнограбыгар саха дьоһун дьахтарын Мария Николаевнаҕа тэҥнии туппута да үгүһү этэр.

Гавриил Ксенофонтов иккис сыанабыла Мария Николаевна олоҥхолорун Иван Пуховтыын ааҕан, үөрэтэн көрөн баран, бу айымньылары олоҥхонон буолбакка, автор тус айымньытын быһыытынан сыаналаабыттара. Г. Ксенофонтов айымньы жанрын поэманан быһаарар уонна: «Мария Николаевна должна быть признана первым по времени поэтом из якутов», диэн түмүгү оҥорбута.

М. Н. Андросова – Ионова Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаламмытыгар Ташкеҥҥа эвакуацияҕа ыытыллыбыта уонна онно 1941 сыллаахха олохтон туораабыта.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *