1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
48 views

Балаҕан ыйын 27 күнэ-Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ

1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр М. Е. Николаев салайааччылаах Саха АССР ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Дьоһун докумуон Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэрбитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорууга, өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин дуоһунаһын олохтуурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттанарга төрүөт буолбута. Бу историяҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай бигэ туруктаах буолуутун, норуот духуобунай сайдыытын түстээбитэ.

Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутугар олук уурбут дьоммутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Платон Ойуунускай, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар буолаллар. Кинилэр сүҥкэн үлэлэринэн 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин Уурааҕынан Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката (Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика) тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ, өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан дьайыыны оҥорбута.

Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар уустук кэмнэригэр, 90-с сылларга, САССР Верховнай Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев РСФСР норуодунай депутаттарын съеһин трибунатыттан Өрөспүүбүлүкэ статуһун үрдэтэн, Российскай Федерация иһинэн сувереннай судаарыстыба таһымыгар таһаарарга этии киллэрбитэ.

1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр САССР Верховнай Сэбиэтэ “автономия” диэнтэн аккаастанан, “Якутская-Саха Советская Социалистическая Республика” дэммитэ.

1991 с.алтынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин дуоһунаһа олохтоммута. Ахсынньы ыйга Бастакы Президенинэн Михаил Николаев анаммыта.

1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, атын Өрөспүүбүлүкэлэри кытта, тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан, Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.

1991 с. ахсынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ билиҥҥи аатын ылыммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) СӨ Верховнай Сэбиэтин 11-с уочарата суох сессиятигэр 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр ылыныллыбыта. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорботорун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа СӨ Верховнай Сэбиэтин Уурааҕынан 1992 с. алтынньы 14 күнүгэр, гиэрбэтэ ахсынньы 26 күнүгэр олохтоммуттара.

Судаарыстыбаннас күнэ – Сахабыт сирин бары олохтоохторун сомоҕолуур бырааһынньык буолар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *