Илгэлээх Игидэй нэһилиэгэр кулун тутар 22 күнүгэр сонун, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.
Ол курдук, олохтоох модельнай библиотека иһинэн үлэлиир «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрэ бастакы «Иэйии биһигэ» диэн хоһоон хомуурунньугун сүрэхтээтибит. Хомуурунньугу модельнай библиотека кылаабынай библиотекара Жулева Кристина Алексеевна уонна «Иэйии» литературнай түмсүү салайааччыта Матаннанова Мавра Павловна улуус, республика иһинэн араас таһымнаах күрэстэргэ кыттыбыт хоһооннортон түмэн, хомуйан оҥордулар . Хомуурунньук Дьокуускай куоракка «Долун» типорграфияҕа бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ чараас тастаах, 74 лиистээх.
Кинигэ саҕаланыытыгар Иэйии литературнай түмсүү тэриллиитин туһунан сиһилии кэпсэнэр. Түмсүүбүтүн саамай бастакынан тэрийбит киһибит Любовь Васильевна Андросова буолар. Ол саҕана үлэлэммит үлэлэри Любовь Васильевна сырдатан суруйбута уонна Любовь Васильевна туһунан үтүө өйдөбүлү , кини кэнниттэн түмсүүбүтүн салҕыы үлэлэппит СӨ үтүөлээх учуутала, дьахталлар съезтэрин кыттыылааҕа Мавра Павловна Матаннанова ахтыыта киирбит.
Нэһилиэкпитигэр биир бэйиэт дьахтар быһыытынан биллэр, икки кинигэ ааптара, сүүһүнэн элбэх хоһооннору айан хаалларбыт киһибитинэн Мария Михайловна Спиридонова буолар. Кинигэҕэ Мария Спиридонова үс кэнники хоһооно, ону таһынан кини туһунан «Хоһоон алыбар ылларбыт Маайыс барахсан» диэн ветеран библиотекарь Федора Васильевна Заболоцкая ахтыыта киирбиттэр.
Онтон салҕыы «Иэйии» литературнай түмсүү кыттыылаахтарын: Анна Константиновна Аргунова, Мавра Павловна Матаннанова, Александра Семеновна Жулева, Мария Ивановна Попова, Варвара Константиновна Ефимова, Тамара Николаевна Иванова, Светлана Федоровна Ордахова, Ольга Спартаковна Дьяконова хоһоонноро субуллан киирбиттэр.
Бу кинигэҕэ араас кэмҥэ түмсүүбүт тэрийэн ыыппыт хоһоон күрэстэригэр киирбит үлэлэр сырдатыллыбыттар. Ол курдук, А.Ф.Бояров 125, И.А.Аргунов 100 сыллаах үбүлүөйдэригэр аналлаах анабыл хоһооннор уонна саас аан маҥнай тоҥ буору тобулан тахсар, хорсун-хоодуот, нарын-намчы Ньургуһун сибэккигэ аналлаах куонкурска киирбит хоһооннор киэргэппиттэр. Бу күрэстэргэ араас араҥаҕа үлэлиир, ураты суруйар буочардаах дьоммут, ону тэҥэ оскуолабыт оҕолоро кыттыбыттара үөрдэр. Кинигэни түмсүүбүт үлэтин сырдатар, араас кэмҥэ ыытыллыбыт тэрээһиннэр хаартыскалара ситэрэн биэрбиттэр.
Туох барыта акылааттан, тирэнэр тирэҕиттэн, силиһиттэн-мутугуттан саҕаланар диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо. Ол курдук, «Иэйии» литературнай түмсүүнү , СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ,»Саха Азия оҕолоро» фонд стипендиата, Баайаҕа орто оскуолатын ветеран учуутала, Любовь Васильевна Андросова 2017 сыллаахха, олунньу ыйга төрүттээбитэ.
Любовь Васильевна бэйэтин киэҥ-холку майгытынан, ийэлии нарын сыһыанынан,сүрдээх үчүгэйдик, уу-чуумпутук сылдьан, нэһилиэк хоһоону сэҥээрээччилэрин биир сутурук курдук бэйэтин тула түмпүтэ. Олус сэргэх, сонун тэрээһиннэри тэрийэри ситиспитэ.Кини өрүү оскуолаҕа оҕолору үөрэтэ олорор учуутал курдук бэлэмнээх кэлэн, биһиэхэ элбэх суруйааччылары ис иһиттэн тартаран, хааһахтан хостуур курдук кэпсиирэ.Кини кэпсээнигэр сиэттэрэн литература биһигэр уйдаран киирэрбит. Бука бары төбөбүтүн холбоон олорон, ыытыахтаах тэрээһиннэрбитин тэҥҥэ толкуйдуурбут. Ол курдук, Петр Тобуруокап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан мюзкл туруоран, киэҥ сэҥээриини ылбыта. Саха народнай поэта Семён Петрович Данилов хоһооннорун иэйиилээхтик ааҕан, ырыаларын ыллаан бэрт тэрээһин ааспыта. Сыллата «Ньургуһун» кэрэ сибэккини хоһуйан, хоһоон айабыт, оҥоһук оҥорон быыстапка туруорабыт. Бу курдук, биһиги бастакы салайааччыбыт «Иэйии» литературнай түмсүү хас биирдии чилиэнигэр тулхадыйбат тулааһыны олохтообута, нарын иэйиини сүрэххэ сөҥөрбүтэ.
Түгэнинэн туһанан ахтан-санаан ааһабын түмсүү олохтоох авторын Мария Михайловна Спиридонованы.
Күннэтэ бэйэтин айымньылаах хоһоонунан нэһилиэк олохтоохторун уһугуннарара. Ис сүрэҕиттэн олус элбэх хоһоону айан, дьон-сэргэ махталын ылара. Олус элбэх күрэстэргэ кыттара. Өрүү сэҥээриини ылара.»Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрин өйүгэр-санаатыгар, Маайыспыт олохтоох автор быһыытынан сүппэттик иҥэн сылдьар.
Өрүү олоххо активнай позициялаах, салайааччы уҥа илиитэ, түмсүүбүт көхтөөх кыттыылааҕын Анастасия Николаевна Боярованы ахтан-санаан ааһабын. Кини өрүү библиотекаҕа сылдьара. Түмсүү иннигэр ис сүрэҕиттэн кыһаллара, ыалдьара. Тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара.Хоһоону кыбыстыбакка ааҕарга агитациялыыра.
Учууталым Мавра Павловна Матаннанова салайар кэмигэр төһө да хааччахтааһын кэмигэр олордорбут, түмсүү үлэтэ кыратык да уҕараабатаҕа.Таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Куйаар ситимин нөҥүө улуус, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар таһымнаах күрэстэргэ активнайдык кыттарбыт. Миэстэлэргэ тиксэн, хоһооннорбут хомуурунньуктарга киирэн бэчээттэммиттэрэ.
Ол курдук, Дьокуускай Долун-2021 с. З.Е.Аржакова автордаах «Сайын» хомуурунньугар, олохтоох автор Мария Михайловна Спиридонова «Алааспар санаа», «Аттыгытыгар-таскытыгар»,
Варвара Константиновна Ефимова «Сахам сирин самаан сайына» хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыбыта.
Бу кэмнэргэ «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэннэрэ элбэх хоһооннору айан, араас таһымнаах күрэстэртэн грамота тутан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ бэстибээлигэр- Мавра Павловна Матаннанова, Анна Константиновна Аргунова, Александра Семёновна Жулева-Суһума ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Быйыл «Иэйии» литературнай түмсүүгэ саҥа сүүрээн киирдэ.
Ол курдук, саҥа салайааччынан айар талааннаах, сонун идеялаах , Александра Семёновна Жулева -Суһума ананна. «Иэйии биһигэ» кинигэбит сүрэхтэниитин тэрээһинин сүрүннээн, бука барыбытын биир таҥастаах буоларга түмэ тардан, ханна да кыбыстыбакка тахсар олус үчүгэй таҥастанныбыт. Саҥа эбии талааннаах дьон киирэннэр түмсүүбүт сэргэхсийдэ, олус эппиэтинэстээхтик кытынныбыт.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан библиотекарь Жулева Кристина Алексеевна ыытта.
Бу киэһэ сонун хоһооннор ааҕылыннылар.Хас биирдии сыанаҕа тахсар нүөмэр аайы сонунтан сонун таҥаһы хоһооҥҥо дьүөрэлээн уларыта сылдьан таҥнаммыт, истиҥ иэйиигэ куустаран, үҥкүү — ырыа доҕуһуолунан кынаттанан, кэрэ киэһэни бэлэхтээтибит.
Тус бэйэбит астыныыны-дуоһуйууну ыллыбыт.
Манна хомуурунньукка киирбит хоһооннор саас сааһынан сааһыланан, ис сүрэхтэн кынаттанан көттүлэр.
Оскуола оҕолоруттан саҕалаан, саастаахтарга тиийэ хоһоон эйгэтигэр куустардылар.
Ол курдук оскуола оҕолоро «Ньургуһун» кэрэ сибэкки туһунан хоһооннорун аахтылар:
Ордахова Юлиана, Васильева Сардаана-6 кыл. үөрэнээччилэрэ, Марков Арылхан, Захарова Айыына, Захарова Сайыына, Матаннанов Айаал-7 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Лопатина Ариана-9 к үөрэнээччитэ, «Оҕолорго» диэн суруналыыс И.А.Аргуновка анабыл хоһооно салайааччы Ефимова Варвара Константиновна.
Табрынова Альмира 4 кылаас үөрэнээччитэ. Салайааччы Пахомова Софья Семёновна.
Тэрээһин 1 түһүмэҕэ. Хоһоон хонуута киэһэ
«Тылым уоттаах тымтыгым» Ирина Колодезникова-Ымыы, Варвара Потапова «Ийэ тыл» хоһооннорунан аһылынна.
Хоһооннору дорҕоонноохтук аахтылар: Жулева А.С.-Суһума, Попова М.И, Чемпосова Т.К, Аргунова А.К.
2 түһүмэх. «Дьыл кэмэ»
«Саас» — Попова М.И.
«Сайын» -Ефимова В.К.
хоһоонугар Жулева Влада-9 к, Дедюкин Гриша -10 к сахалыы үҥкүүнэн доҕуһуоллаатылар.
3.»Күһүн» — Марков В.Ф.
4. «Кыһын»- Иванова Т.Н., (Аргунова А.К., Пахомова С.С. кыһыҥҥы дьахтар толору таҥаһын кэтэн арыаллаан киирдилэр).
5.Егорова М. Г. «Ыйдаҥа» хоһоонун аахта.
6.Жулева А. С.-Суһума «Дьыл бэлэҕэ» хоһоонун аахта.
3 түһүмэх,»Ньургуһун»
Ньургуһун сибэкки туһунан хоһооннору Ермолаева М.И., Попова М.И., Ефимова В.К., Иванова Т.Н., Пахомова С.С., Ермолаева М.П. ис дууһаттан долгуйан туран аахтылар.
4 түһүмэх: «Олох»
Бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар:
Жулева А.С.- Суһума «Мин боростуой ыал оҕотобун», Аргунова А.К. «Мин идэм бэтэринээр», Дьяконова О.С. «Санаа», «Толкуйдаама», Пахомова С.С. «Хойут диэмэ, хаһан да» Спиридонова М.М. хоһооннорун аахтылар.
Бу курдук хас биирдии «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэнэ өрө көтөҕүллэн туран, бэйэтэ айан таһаарбыт хоһоонун ааҕан, истээччи дьүүлүгэр таһаарда.
Ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кыттыыны ыллылар: Ытык-Күөлтэн улуустааҕы «Уран тыл» литературнай түмсүү салайааччыта Андросова Оксана Прокопьевна, эдьиийэ Андросова Сардаана Прокопьевна Дьөҥкү-Сээн кыргыттара, Дьяконова Ольга Спартаковна «Иэйии» литературнай түмсүү чилиэнэ. Тэрээһин таһымын үрдэттилэр. Үтүө баҕа санааларын тиэртилэр.
Олохтоох дьаһалтаттан баһылыгы солбуйааччы Дьяконова Вероника Ивановна кыттыыны ылан, хомуурунньук тахсыытынан эҕэрдэлээтэ. А.Ф.Бояров аатынан НАДь салайааччыта Жиркова Оксана Максимовна хас биирдии «Иэйии» түмсүү чилиэнигэр, ыҥырыылаах ыалдьыттарга тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттаран, үөрүүбүт үксээтэ.
Бу курдук үрдүк таһымнаах «Иэйии биһигэ» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитэ Игидэй нэһилиэгэр олус сэргэхтик ааста. Салгыы түмсүүгэ айымньылаах үлэ ыытыллара былааннанар.
Варвара Ефимова-«Иэйии» литературнай түмсүү кыттыылаа5а.