Игидэй нэһилиэгэр сэтинньи 21 күнүгэр «Сэттэ сэмэй саха дьахтара» уонна «Нэһилиэги салайбыт тоҕус тойоттор» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ уонна А. П. Варламова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ 70-80 сыллардааҕы Сэбиэскэй хос аһыллыыта буолан ааста.
Тэрээһин бастакы чааһыгар А. П. Варламова аатынан түмэлгэ Сэбиэскэй хос аһыллыыта дьон сэҥээриитин ылла. Манна оччотооҕу кэм мала-сала нэһилиэк олохтоохторуттан хомуллунна. Ол курдук, Никифоров Кэнчээри Иванович Марков Петр Гаврильевич оҥорбут ыскаабын, Анна Константиновна, Михаил Гаврильевич Аргуновтар ийэлэрин Барахсановтар остуолларын, Никифорова Миралюба Константиновна Мария Львовна Никифорова уран тарбахтарынан быысапкалаабыт аан сабыытын, Маркова Мария Корниловна, Павлов Семен Семенович уо.д.а. бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин аатыттан араас малы-салы бэлэх ууннулар. Кэлбит дьон сэргээн, астынан, хаартыскаҕа түһэн, бу хос аһыллыытыгар сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо махтал тылларын анаатылар.
Кинигэ сүрэхтэниитэ А. Ф. Бояров аатынан НАДь үгүс киһини муста. Кинигэ Игидэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ сылларыгар ананан таҕыста. Хомуйан оҥордулар А. С. Жулева, К. А. Жулева Т.Э. Лопатина. Кинигэ 50 экземплярынан Ю. Гагарин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи типографияҕа бэчээттэнэн таҕыста.
Үөрүүлээх тэрээһини А. С. Жулева кинигэ тула үлэ хайдах ыытыллыбытын, туох санааттан суруллубутун, ахтыылар түмүллүбүттэрин, кинигэ ханна, хаһан бэчээттэммитин сиһилии сырдатан кэпсээтэ. Салҕыы «Сэттэ сэмэй саха дьахтара»кинигэни библиотекарь К. А. Жулева салайан ыытта. Игидэй нэһилиэгэр олорон, үлэлээн ааспыт сэттэ тус-туһунан дьылҕалаах саха хоһуун дьахталлара бу кинигэҕэ кэпсэнэллэр. Ол курдук, эр дьону кытта тэҥҥэ, күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт, тимир көлөнү-тыраахтары, комбаайыны баһылаабыт Ефросинья Петровна Никифорова, Елена Константиновна Чьямова, абытайдаах Ааллаах Үүнтэн эдэркээн сааһыгар таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт Татьяна Лукинична Седалищева, Хачыкааттан Томмокко диэри суол оҥоһуутугар үлэлэспит Мария Петровна Максимова, холкуос бастыҥ ыанньыксыта, дьон итэҕэлин ылан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талыллыбыт Елена Никифоровна Павлова, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Надежда Федоровна Габышева уонна «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, Саха АССР үтүөлээх учуутала Анна Яковлевна Пахомова тустарынан сиһилии суруллубут.
Кинигэ иккис чааһын «Нэһилиэги салайбыт тоҕус тойоттор» кинигэ тула кэпсэтиини түмэл үлэһитэ Т. Э. Лопатина иилээн-саҕалаан ыытта. Кинигэҕэ сэбиэскэй кэм саҕаттан Игидэй нэһилиэгин салайбыт, сайдыытын түстээбит ытыктыыр салайааччыларбыт — В. Х. Кашкин, А. К. Иванов, М. А. Протодьяконов, И. Г. Гермогенов, П. П. Ермолаев, Р. Р. Иванов, Н. Н. Сивцев, П. В. Максимов, Р. А. Захаров тустарынан кэпсэнэр. Оччотооҕу Сэбиэскэй кэмтэн саҕалаан нэһилиэкпит хайдах дьаһанан, үлэлээн-хамсаан кэлиитэ, кэҥээн-сайдан иһиитэ, түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэрэ сиһилии сырдатыллыбыт.
Тэрээһиҥҥэ ыраахтан- чугастан кинигэҕэ киирбит ытык дьоммут аймахтара, бииргэ алтыспыт дьонноро кэлэн истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. Үлэ үөһүгэр сылдьыбыт, салайар үлэ ыараханын эттэринэн-хааннарынан билбит баһылыктар- М. А. Протодьяконов, Н. Н. Сивцев үлэлээбит сылларын ахтан-санаан, нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр махтал тылларын эттилэр.
Биһирэм биир ураты көстүүтүнэн — кинигэ геройдарын тутта сылдьыбыт малларын быыстапката буолла. Ол курдук, бэлиэтээн эттэххэ: Анна Яковлевна Пахомова бэйэтэ сиэрэй куобах тириититтэн 80 сыл аннараа өттүгэр тикпит соно, таба тыһын сомуонньугуттан тикпит оҕо соно, оччотооҕу оҕолор суруйбут өйтөн суруйуулара, Надежда Фёдоровна Габышева тута сылдьыбыт олус сиэдэрэй саквояж суумката, Роман Романович Иванов, Петр Петрович Ермолаев тутта сылдьыбыт маллара, блокноттара, хаартыскалар дьон болҕомтотун ылла.
Бу курдук үлэни өрө туппут сэттэ сэмэй саха дьахталларын, нэһилиэкпит сайдыытын салайсыбыт аҕа баһылыктар тустарынан кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥ эйгэҕэ, үтүө дьон ортотугар, үөрүү-көтүү аргыстаах ыытылынна. Мустубут дьон астынан, сэргэхсийэн тарҕастылар.