Сэтинньи 18 күнүгэр И. А. Аргунов аатын сүгэр Ытык Күөл киин библиотекатыгар «Улуу Оруоһуттар удьуордара»диэн дьоһуннаах, олус дириҥ историялаах кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ ааптара — кыраайы үөрэтээччи Александр Николаевич Михайлов.
Тэрээһини библиотека сүрүн үлэһитэ Устинья Ивановна Заболоцкая иилээн-саҕалаан ыытта.
Кинигэ биһирэмигэр 92 саастаах Жараф Агапитович Оросин кыттыыны ылан, «Бородино» хоһоону өйүттэн ааҕан мустубут дьон болҕомтотун, кэрэхсэбилин ылыан ылла.
Тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан Оруоһуттар сыдьааннара, биир дойдулаахтара, историяны сэҥээрээччилэр, кыраайы үөрэтээччилэр мустан истиҥ-иһирэх атыылары оҥорон, кинигэ авторыгар махтанан
Улуу Оруоһуттар духовность, үөрэх, төрөөбүт тыл сайдыытыгар киллэрбит кылааттара үрдүктүк сыаналанна, норуот киэҥ билиитигэр таҕыста.
Кинигэ быйыл «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аан бастаан сурукка тиспит К.Г.Оросин үбүлүөйдээх 165 сылын көрсө дьоһун бэлэх буолла.