Бүгүн сэтинньи 14 күнүгэр Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ.
Кини саха литературатыгар тапталы танара уонна иэйэр кут (муза) оностон туойбут киһинэн буолар. Саха норуотун духовнай оло5ор сыаната биллибэт үрдүк өңөлөөх саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига, тылбаасчыта, маңнайгы сахалыы хаһыаттары таһаарсыбыт бастакы суруналыыһа, «Чолбон» уус-уран сурунаалы төрүттээччи, Саха театрын тэрийсибит бастакы директор, бөлүһүөк, уһулуччулаах общественнай деятель А.И. Софронов личноһа, айар үлэтэ аа5ааччы киэң интэриэһин тардыан тардар. Урукку кэмңэ Алампа драма жанрыгар ордук тууһугуран, табыллан үлэлээбитэ. Ол эрээри суруйааччы саныыр санаатын, оло5у көрүүтүн ордук толорутутк поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук оло5ун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэ5и ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиң-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх. Саңа төрүттэммит национальнай поэзия5а Таптал тематыгар дьоһуннаах айымньылары айбыта.
СР Үтүөлээх учуутала, СР Үөрэҕириитин Бочуоттаах ветерана, “Саха-Азия оҕолоро” фонд стипендиата, Баайаҕа орто оскуолатын ветеран учуутала, «Иэйии» түмсүү бастакы салайааччыта, төрүттээччитэ Любовь Васильевна Андросова «Саха саарыныгар Алампа5а» диэн анабыл хоһоону суруйан хаалларбыта. Любовь Васильевна Алампа лирикатын, ордук тапталы туойбут айымньыларын олус истиҥник саныыра уонна сүгүрүйэрэ.
Саха Саарыныгар Алампаҕа
Төрөөбүт Тааттатын алааһа
Төлкөтүн түстээбит курдуга,
Алампа, айар кут, Алампа,
Ааттаттыҥ, Сахабыт норуотун!
Төлкөтүн түстээбит курдуга,
Алампа, айар кут, Алампа,
Ааттаттыҥ, Сахабыт норуотун!
Тааттабыт сып-сырдык уутунуу
Эн ыраас уйан да дууһаҕыҥ,
Олоххун бар дьоҥҥо анаатыҥ,
Үйэҕэ сүппэттик ааттанныҥ.Сахабыт ыарахан олоҕун
Туойбутуҥ илбистээх тылгынан,
Инники дьылҕаны ыралаан,
Эрэнэр буоларын сырдыкка.
Эн ыраас уйан да дууһаҕыҥ,
Олоххун бар дьоҥҥо анаатыҥ,
Үйэҕэ сүппэттик ааттанныҥ.Сахабыт ыарахан олоҕун
Туойбутуҥ илбистээх тылгынан,
Инники дьылҕаны ыралаан,
Эрэнэр буоларын сырдыкка.
Эн сахпыт кыымҥыттан күөдьүйэн,
“Бичикпит” Аар-саарга аатырда,
Театр, киинэбит сайдыыта
Аан дойду таһымар таҕыста.
“Бичикпит” Аар-саарга аатырда,
Театр, киинэбит сайдыыта
Аан дойду таһымар таҕыста.
Эн ааккын сүкпүтэ оскуола,
Саҥалыы үлэлээн ньиргийэр,
Сайдыылаах олоххо бэлэмнээн,
Кэнчээри ыччаты уһуйар.
Саҥалыы үлэлээн ньиргийэр,
Сайдыылаах олоххо бэлэмнээн,
Кэнчээри ыччаты уһуйар.
Эйиэхэ тапталга билинэ,
Сүдү бэйэҕэр сүгүрүйэ
Хадаайы киэҥ, кэрэ дуолугар
Дьулуһан кэлэллэр эдэрдэр.
Сүдү бэйэҕэр сүгүрүйэ
Хадаайы киэҥ, кэрэ дуолугар
Дьулуһан кэлэллэр эдэрдэр.
Алампа, сахабыт Саарына!
Сахалыы саҥарар тухары
Эйиигин уруйдуу туруоҕа
Тапталлаах сахабыт ыччата.
Сахалыы саҥарар тухары
Эйиигин уруйдуу туруоҕа
Тапталлаах сахабыт ыччата.