Бүгүн Игидэй нэһилиэгэр «Уорааннаах кэм уорҕатыгар» диэн репрессия ыар тыыныгар хабыллыбыт биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттарыгар аналлаах кэриэстэбил монумент аһыллыыта буолла. Монумент автора — биир дойдулаахпыт, норуот маастара Афанасий Петрович Лопатин.
Тэрээһиҥҥэ репрессияламмыт Фекла Ивановна Мурунова-Лопатина кыыһа Өлүөхүмэттэн Анна Иннокентьевна Ордахова,сиэн балта Бүлүү Хампатыттан Маргарита Нестеревна Иванова, Николай Романович Лопатин кыыһа Анна Николаевна Андросова кыыһынаан Марианна Вячеславовналыын, маны таһынан улуустан депутаттар мунньахтарын председателэ Петр Петрович Максимов ,Чөркөөх музейыттан Николай Ефимович Попов,Михаил Александрович Протодьяконов уо.д.а ыалдьыттаатылар.
Тэрээһин иккис чааһыгар норуот айымньытын дьиэтигэр сахалыы астаах,итии чэйдээх остуолга олорон ол кэмнэри ахтыы,истиҥ сэһэргэһии буолла.
Николай Попов, Наталья Боярова, Варвара Степановна Маркова, Анна Николаевна Андросова, Маргарита Нестеревна Иванова,Дария Егоровна Иванова (Чычымах) репрессияҕа түбэспит чугас дьоннорун ахтан-санаан ахтыы оҥордулар.
Ол уордаах кэмнэр сиэртибэтэ буолбут биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттарын кэриэстиэҕин,ыччат дьоҥҥо сырдатыаҕын.