1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 4,00 out of 5)
Загрузка...
221 views

Э.К. Пекарскай төрөөбүтэ 165 сылыгар анаммыт тыл оонньуута

Алтынньы 27 күнүгэр лингвист, фольклорист, «Саха тылын тылдьытын» ааптара Э. К. Пекарскай төрөөбүтэ 165 сылыгар аналлаах нэһилиэкпит иһинэн үлэлиир тэрилтэлэр, түмсүүлэр икки ардыларыгар тыл оонньуута ыытыллынна. Оонньууга 4 хамаанда барыта 6 түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Ол курдук Э. К. Пекарскай олоҕун, айар үлэтин төһө билэҕин, сомоҕо-домохтору быһаарыы, тылтан тыл таһаарыы уо.д.а. түһүмэхтэргэ бэйэлэрин билиилэрин тургуттулар.

Түмүккэ 1 миэстэни «Иэйии» литературнай түмсүү (Жулева А. С., Боярова Н. Н., Матаннанова М. П.), 2 миэстэни Э. К. Пекарскай аатынан орто оскуола хамаандата (Ермолаева М. П., Ефимова В. К., Захарова А. А.), үһүс миэстэни «Ситим» түмсүү (Лопатина Г. В., Лопатина Г. В., Аргунова А. К.), 4 миэстэҕэ олохтоох дьаһалта хамаандата (Марков Е. А., Ордахова В. П., Протопопова Н.Н.) ыллылар. Бары кыттааччыларга тэрийэр бөлөх аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *