Муус устар 27 күнэ – саха оло5ор чахчы да быһаарыылаах уонна суолталаах күн. 1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр-Саха Автономнай Советскай Социалистическай республиката төрүттэммитэ. Сурукка докумуоңңа киирбитэ лоп курдук 70 сыл ааспытын кэнниттэн, 1990 с. суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт, сувереннай республикабыт хаттаан саңа Конституцияламмыта. Онон муус устар 27 күнэ –Саха Республикатын күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу күн Игидэй нэһилиэгэр «Сахам сирин таптыыбын» диэн интеллектуальнай оонньуу буолан ааста. Ол курдук, 4 хамаанда кэлэн бэйэлэрин тургутан көрдүлэр.
Бастакы хамаанда- нэһилиэк депутаттара: Ермолаева М.И., Максимова Е. Р., Лопатин М. В.
Иккис-Игидэй орто оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ: Габышева Уйгулаана, Захарова Алина, Иванова Марианна, Варламова Аня
Үһүс хамаанда-Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ: баһылык Марков Е. А., Дьяконова В. И., Протопопова Нь.Н.
Төрдүс хамаанда: Нэһилиэкпит иһинэн үлэлиир түмсүүлэр салайааччылара: Аргунова А. К., Матаннанова М. П., Унарова Р. И.
Хамаандалар бастакы түһүмэххэ «Саха өрөспүүбүлүкэтин төһө билэҕин?» диэн викторинаҕа бэйэлэрин билиилэрин тургуттулар. Иккис түһүмэххэ саха сирин улуустарын гиэрбэлэрин хартыынанан таайдылар, үһүскэ бэриллибит тыллары туһанан сахабыт сиригэр аналлаах хоһоон айан, айар дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Уонна түмүктүүр төрдүс түһүмэххэ «Игидэй нэһилиэгин сайдыыта» диэн темаҕа бэйэлэрин проектарын, тус көрүүлэрин үллэһиннилэр. Ол курдук, нэһилиэкпит инники сайдар суолугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар толору механизированнай хотон, эдэр саҥа кадрдары олохсутуу, саҥа таас уһуйаан дьиэтэ, тупсаҕай көстүүлээх детскай площадка, ыһыахтыыр парканы саҥардыы уо.д.а. сүрдээх кэскиллээх этиилэри эттилэр.
Түмүккэ бастакы миэстэҕэ нэһилиэк депутаттарын хамаандата, иккискэ олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, үһүскэ оскуола оҕолорун хамаандата, төрдүскэ түмсүү салайааччыларын хамаандалара буоллулар.
Бары кыттыыны ылбыт дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.