1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 3,50 out of 5)
Загрузка...
276 views

Суруйааччы Анна Денисовна Неустроева төрөөбүтэ 120 сыла

Талааннаах оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, фольклору чинчийээччи, журналист, общественнай деятель, саха дьахталларыттан бастакынан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, классик Н.Д. Неустроев бииргэ төрөөбүт балта Анна Денисовна Неустроева 1903 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Байаҕантай улууһун Иккис Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1915 сыллаахха убайын Николай Денисович көмөтүнэн Уолбаҕа начальнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан убайа тэрийбит «Ньургуһун» диэн оскуола сурунаалыгар бастакы кылгас кэпсээннэрин суруйбута.

Оскуоланы бүтэрэн баран, Анна Денисовна 1923 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа бэлэмнэнии куурсугар киирбитэ. Куоракка киириэҕиттэн саҥа үөскээбит эдэр республика общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттан барбыта.

1924-1927 сс. үлэһиттэр депутаттарын Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэтигэр дьахтар отделын делегатынан үлэлээбитэ. 1925 с. Саха сирин дьахталларын маҥнайгы съеһигэр кыттыбыта. 1927 с. доруобуйатын туруга мөлтөөн, үөрэҕин быраҕарга күһэллибитэ. 1927-28 сс. Дьокуускай куоракка ликпууҥҥа уонна 4-с оскуолаҕа саха тылын учууталынан, 1929с. оҕо саадын салайааччытынан үлэлээбитэ. 1931-33 сс. «Холбоско» деловод-тылбаасчытынан, 1933-36 сс. Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар литературнай редакторынан, 1936 с. ахсынньы 1 күнүттэн Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар уус-уран литература отделын редакторын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. 1934 с. Саха суруйааччыларын бастакы съеһигэр кыттыбыта.

А.Д. Неустроева күн сирин көрбүт бастакы айымньыларынан кини ыстатыйалара буолаллар. Ол курдук, 1925-30 сс. «Кыымҥа» тыа сирин дьахтарын үлэтин-хамнаһын, оҕо саадын, сэллик диспансерын туһунан суруйуулара бэчээттэммиттэрэ. 1920 сыллаахтан нуучча уонна омук литератураларын оҕолорго аналлаах бастыҥ айымньыларын сахалыы тылбаастааһынынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыта. Ол курдук, кыра саастаах ааҕааччыларга анаан икки тылбаас кинигэтин 1930 уонна 1945 сс. бэчээттэтэн таһаарбыта. Элбэх өрүттээх сыралаах үлэтин иһин Анна Неустроева «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

А. Д. Неустроева кэргэнэ Иван Дмитриевич Баланов республикаҕа биллэр общественнай деятель этэ. Кини 1898 с. Уолбаҕа, Байаҕантай улууһугар төрөөбүтэ. Советскай былаас олохтоноругар харса суох кыттыбыт киһи буолар, нэһилиэк ревкомунан үлэлиир, ЧОН саллаата да буолар,  Саха национальнай труппатыгар да артыыстыыр, 1930-32 сс. куораттааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн, 1932-34 сс. Государственнай Национальнай библиотека дириэктэринэн сахалартан аан бастакынан ананан үлэлээбитэ.

Балановтар төрөппүт оҕолоро суоҕа, 1932 с. Анна Денисовна бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһын, төгүрүк тулаайах хаалбыт Линаны ииттэ ылбыттара.

А.Д. Неустроева 1943 с. атырдьах ыйын 18 күнүгэр инбэлииккэ тахсан, үлэтиттэн уурайбыта. 1946 с. бастакы группалаах инбэлииккэ тахсыбыта уонна уһун, ыарахан ыарыы кэнниттэн 1947 с. сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга 44 сааһыгар өлбүтэ.

Айар үлэтэ.

Анна Денисовна бастакы айымньыта 1936 сыллаахха суруллубут «Албын» кэпсээнэ буолар. «Тиргэhиттэр» кэпсээнэ 1938 сыллаахха тахсыбыта, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылбыта. Амма Аччыгыйа, В.А.Протодьяконов-Кулантай  үрдүктүк сыаналаабыттара. Бу  кэпсээнэ дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэни суруйбутунан билигин даҕаны кэрэхсэнэр айымньы.

Анна Денисовна бултуурун олус сөбүлүүрүнэн биллэр этэ.  Кинини үчүгэйдик билэр дьон саныылларынан, киниэхэ икки саалааҕа эбитэ үһү: биир-германскай, биир — нуучча киэнэ. Күннүк Уурастыырабы, Кулантайы о.д.а. кытта тэбис-тэҥҥэ тахсан бултаһар эбит. Ол да иһин, булт темата айымньытыгар кэпсэммитэ.

Суруйааччы кэпсээнигэр көрдөрүллэр геройдар — Ааныс, Даайыс, Уйбааҥка оҕолор. Автор бу чугастык билэр аймахтарын оҕолорун туһунан туох баарынан ылан кэпсээҥҥэ киллэрбитэ… Бу кэпсээн суруллубут кэмигэр тиргэһит оҕолор дьонноро олорбут сирдэрэ Дьахтар Алааһа дьиэҕэ баар. Сайылыктара «Таба Хараҕа» диэн. Оҕолор тыыннаахтыы тутан туран куоттарбыт кустара «Тимир Умаппыт» диэн тыа саҕатыгар сытар, кураан да сылларга уолбат көрдүгэҥҥэ көтөн тиийбитин олохтоох Тыраахы Сэмэн уола Бөтүкээс күөрэтэн ытан түэрэр. Ону Уйбааҥка тиийэн, кини куһа буоларын этэн, ылан үөрүү буолар.

Суруйааччы «Оҕолор» диэн кэпсээнэ эмиэ биир табыллыбыт айымньыта буолар. Кэпсээн геройдара — Куонаан, Бүөккэ, Биэрэ, Хабыычча, Кылааса уонна Бааска — бары да үөрэхтэригэр кыһаллар, барыны-бары билэргэ көрөргө баҕалаах оҕолор. Онтон «Куттамсах куһаҕан» кэпсээн оҕолоро, кыра эрдэхтэриттэн араас абааһы, сибиэн туһунан кэпсээннэри истэн куттамсах буолбуттарын көрдөрөр.

Фольклор айымньылара, бары суруйааччылар үгүс айымньыларыгар төрүөт буолан киирбитэ. Анна Денисовна эмиэ норуот уус-уран айымньытыгар олоҕуран суруйбут кэпсээннэрдээх: «Ороһукаан» кэпсээнигэр сүрүн герой Ороһукаан, Бахсырҕана ойуун холорук буолан кубулуна сылдьыбытын билбэккэ, быһаҕынан быраҕан бааһырдар, ороҥҥо-тэллэххэ сытыарар.  Кэнникитэ иэстэбиллээх буолуоҕун, хата, Чубукка Ыстапаан үтүө сүбэ биэрэн, өлүүттэн быыһанар.

 

Ити курдук, Анна Денисовна Неустроева айымньылара темалара араас, ис хоһоонноро дириҥ, оҕо ааҕарыгар умсугутуулаахтар, интэриэһинэйдэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *