Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ. Бу күн Игидэй нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут «Сахалыы дьыктаан» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытылынна. Барыта 35 киһи быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолар Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай «Тураах тууһута» кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйда. Түмүккэ «Дьыктаан муҥутуур кыайыылааҕа» анал ааты Мавра Павловна Матаннанова үһүс төгүлүн ылары ситистэ. «Бастыҥ буочар» анал аат Дария Терентьевна Матаннановаҕа тигистэ, «Бастыҥ сурук бэлиэтин билээччи» анал ааты Анастасия Николаевна Боярова ылла.
Тэрээһин иккис аҥарыгар түөлбэлэр икки ардыларыгар «Төрөөбүт тылбыт-барҕа баайбыт» тыл оонньуута ыытылынна.
Барыта 6 түөлбэттэн 3-түү киһилээх хамаандалар 5 түһүмэх устата күөн көрсөн олус сэргэхтик күрэхтэстилэр. Ол курдук, эргэрбит тыллар суолталарын, сомоҕо-домохтору быһаарыы, тыл таһаарыыта, тылы хамсанан көрдөрүү(таайтарыы), суруйааччы уонна айымньы диэн түһүмэхтэргэ бэйэлэрин билиилэрин тургуттулар.
Күрэх түмүгэ:
1 миэстэ – Моччоҕо түөлбэ ( Боярова А. Н., Нехчоенова О. И., Ордахова В. П.)
2 миэстэ – Озернай түөлбэ ( Унарова Р. И., Никифорова Н.К., Петрова М. Р.)
2 миэстэ – Мээндийэ түөлбэ (Егорова М. Г., Лопатина Г. В., Матаннанова М. П.)
3 миэстэ – Чабычах түөлбэ ( Аргунова А. К., Лопатина А. В., Лопатина В. П.)
3 миэстэ – Аартык түөлбэ (Сунхалырова З. А., Матаннанова Д. Т., Лебедева М. С.)
Туоһу сурук — Сардаҥа түөлбэ (Бойтунова М. К., Потапова И. С, Жулева Нь.Р.)
Бука бары кэлбит, кыттыбыт дьоммутугар, түөлбэ салайааччыларыгар истиҥник махтанабыт!
Төрөөбүт тылбыт – барҕа баайбыт, төрөөбүт тылбыт – омукпут бэлиэтэ!