Бу дьыл ахсынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куорат СӨ Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар биир дойдулаахпыт историчесскай наука кандидата, биллиилээх суруналыыс, общественнай-политическай деятель, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа Иван Александрович Аргунов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Үтүө киһи аатыгар сүгүрүйүү» ахтыы киэһэтэ үрдүк таһымҥа ыытыллынна. Киэһэни И. А. Аргунов аатын сүгэр Ытык Күөл киин библиотеката иилээн-саҕалаан ыытта.
Тэрээһин И. А. Аргунов оҕолоро, аймахтара, биир дойдулаахтара, суруналыыстар, историктар, кыраайы үөрэтээччилэр, общественность кыттыылаах ыытыллынна.
И. А. Аргунов кыыһа Аргунова-Лоу Татьяна Шотландия Абердин куоратыттан быһа эфирынан холбонон кэлбит дьоҥҥо, тэрийээччилэргэ махтал тылларын эттэ. Уола Аргунов Александр Иванович кыргыттарынаан кэлэн истиҥ ахтыы оҥордо.
Бу киэһэ кэлбит ыалдьыттар дириҥ ис хоһоонноох ахтыылары, И. А. Аргунов олоҕун, айар үлэтин туһунан сырдаттылар, кини аатын үйэтитиигэ этиилэри эттилэр. Дьон-сэргэ кэпсэтиигэ кыттыһан, И. А. Аргунов сырдык аатыгар сүгүрүйэн тарҕастылар. Бу күн Национальнай библиотека туруорбут И. А. Аргунов олоҕун, айар үлэтин кэпсиир кинигэ быыстапката дьон болҕомтотун ылла.