1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 3,50 out of 5)
Загрузка...
254 views

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дыктаана»аахсыйа

«Олоҥхо – бу биһиги бүтүн олохпут, культурабыт, духуобунай баайбыт уонна инники эрэлбит, киэн туттуубут.»

Сэтинньи 21-26 күннэригэр РФ Бэрэсидьиэнэ В. В. Путин Ыйааҕынан биллэриллибит РФ норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэлэрин сылын чэрчитинэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Олоҥхо национальнай күнүгэр аналлаах Өрөсппүүбүлүкэтээҕи Декада чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэринэр уонна олоҥхо ис хоһоонун нуучча тылынан киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах «Олоҥхо дыктаана» аахсыйа ыытыллынна. Игидэй нэһилиэгиттэн П. А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыны барыта 52 киһи суруйда.
Э. К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатыгар барыта 39 оҕо суруйда. Дьыктааны педагог-библиотекарь Попова Г. С. суруттарда.
А. Ф. Бояров аатынан НАДь 13 киһи дьыктааны суруйууга кыттыыны ыллылар. Дьыктааны СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, саха тылын уонна литературатын ветеран-учуутала Лопатина Г. В. аахта.

Таатта улууһугар «Олоҥхо дыктааныгар» барыта улуус үрдүнэн 1426 киһи кытынна.


Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *