1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
353 views

Хорсун сүрэх, умуллубат төлөн

 ГЕРОЙ САЛЛААТ НАЖИМ ПЕТРОВИЧ НЕСТЕРОВ  ТӨРӨӨБҮТЭ 80 СЫЛА

Нажим Петрович 1942 сылаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Аҕата Петр Георгиевич Нестеров 30-тан тахса сыл үлэлээбит Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Таатта оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, ийэтэ Мария Ивановна Васильева өр кэмҥэ алын кылаастар учууталларынан, кэлин оскуола библиотекарынан үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр,  Раиса, Людмила диэн балтылардаах.

Ийэтэ Мария Ивановна Васильева, аҕата Петр Георгиевич Нестеров

Нажим төрөөбүт дьиэтэ

Нажим 1950-51 үөрэх дьылыгар Ытык Күөл орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэммитэ. Иккис кылаастан Игидэ опорнай 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан пионер буолбута.  4 кылаас кэнниттэн аҕата П. Г. Нестеров Чөркөөх оскуолатыгар директорынан барбыта, Нажим онно баран үчүгэйдик үөрэммитэ, спортка элбэх ситиһиилэммитэ, үгүс доҕордоммута.Үрдүкү кылаастарга Ытык–Күөл орто оскуолатыгар үэрэммитэ, онуһу 1962 сыллаахха бүтэрбитэ. Манна үөрэнэ сылдьан баскетбол, теннис, волейбол, чэпчэки атлетика курдук спорт көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктанан, бэрт чэбдик, тэтиэнэх, быһый ньымса буола улааппыта. Кини волейболистар хамаандаларыгар киллэриллэн, оройуон спортивнай чиэһин республиканскай түһүлгэҕэ хаста да көмүскээбитэ. Итини таһынан допризывной байыаннай үөрэх уруоктарыгар дьаныһан дьарыктаммыта. Ситии – хотуу аттестатын кытта тэҥҥэ комсомольскай билиэти туппута.

Нажим төрөппүттэрин уонна балтыларын кытта

1962 сыл от ыйын 25 күнүгэр Армияҕа ыҥырыллан Нажим биир дойдулаахтарын Роман Гаврильевич Захаровы, Николай Васильевич Аянитовы кытта үһүөн бииргэ биир чааска Хабаровскай кыраай Дальневосточнай байыаннай уокурукка сулууспалыы тиийбиттэрэ.

П. Ф. Титов, Р. Г. Захаров (аллара эрээккэ), Н. П. Нестеров, Н. В. Аянитов (тураллар)

 Нажим хара маҥнайгыттан байыаннай дьыалаҕа уһулуччу бэлэмнээҕин, туйгун бэрээдэктээҕин көрөн чааһыттан бастакынан «Байыаннай сулууспа туйгуна» диэн ааты сүкпүтэ. Кини бары дьоҕурун барытын биэрэн туран рота комсомольскай секретарынан талыллан үлэлээбитэ. Иллэҥ кэмигэр Нажим хоһоон айара, доҕотторунуун дойдуларын ахтан сахалыы ырыалары ыллыыллара. Төрөппүттэригэр тиһигин быспакка суруйа турара. 1963 с. сэтинньи ый 20 күнүттэн Хабаровскай куорат 301 №-дээх госпиталыгар эмтэнэ киирэр. Үтүөрэн салгыы санаторийга эмтэнэ барыахтаах күнүн сарсыарда дьон утуйа сыттахтарына ахсынньы 23 күнүгэр байыаннай госпитальга баһаар буолар, элбэх сытар ыарыһахтар бааллара, ону быыһыы сылдьан олоҕо быстыбыта.

Ийэ дойдуга иэһин толорон Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалыы сылдьан дьону уоттан быыһаары эдэр сааһын толук уурбут биир дойдулаахпыт Нажим Нестеров хорсун быһыыта 1964 сыл саҥатыттан киэҥ араҥаҕа биллэн барбыта.

1964 с.тохсунньу 22 күнүгэр Дальнай Востоктааҕы байыаннай уокурук «Суворовский натиск» хаһыатыгар Ю. Головко «Назым идет на огонь» ыстатыйата тахсыбыта. Ити сыл «Эдэр коммунист» хаһыакка  Аргунов И. А. «Уоттан толлубат саллаат», «Бэлэм буолга» Сенькин В. Л. «Хорсун сүрэх, умуллубат төлөн» ыстатыйалара бэчээттэммиттэрэ.

Кини сырдык аата Саха АССР, Саха Комсомолун Бочуот кинигэлэригэр киллэриллибитэ. Хорсун саллаат 1964 с. ССРС Верховнай сэбиэтин уурааҕынан «За отвагу на пожаре» мэтээлинэн наҕараадаламмыта, ол туһунан байыаннай билиэтигэр суруллубута. Комсомольскай билиэтэ Москваҕа Сэбилэниилээх Күүстэр музейдарыгар харалтаҕа ууруллубута. Игидэй, Ытык Күөл орто оскуолалара Бочуот кинигэлэригэр киллэрбиттэрэ. Игидэй оскуолатын пионерскай дружинатыгар Н. Нестеров аата иҥэриллибитэ. Дэбдиргэҕэ уонна Ытык Күөлгэ кини аатынан уулуссалар бааллар. Ытык Күөлгэ памятник, Дэбдиргэҕэ кини аатынан сквер баар.     

2011 сыллаахха РФ үтүөлээх учуутала, РСФСР, ССРС үөрэҕэриитин туйгуна, методист-учуутал, Учууталлар учууталлара, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Хатылыкова Ксения Анисимовна Нажим Нестеров олоҕун,  хорсун быһыытын үйэтитэн «Умнуллубат төлөн өспөт сыдьаайа» кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыта.

Нажим Петрович ытык иэһин  чиэстээхтик толорон, дьон иннигэр умнуллубат үтүөтэ, хорсун быһыыта бэйэтин норуотугар истиҥ өйдөбүлү хаалларбыта. Кини оҥорбут хорсун  быһыыта биһиэхэ үтүө холобур буолар, үтүөҕэ сырдыкка сирдиир, үөрэххэ, үлэҕэ эппиэтинэстээх  буоларга эдэр көлүөнэни  иитэр.

 

 

 

Умнуллубат төлөн өспөт сыдьаайа / «Таатта» хаһыат редакцията; ( Хомуйан оҥордо: Ксения Анисимовна Хатылыкова. Бэчээккэ бэлэмнээтэ: Туйаара Александровна Хатылыкова.) — Ытык Күөл, 2011 с. — 140 стр.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *