1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 4,00 out of 5)
Загрузка...
325 views

Ыам ыйын 18 күнэ — Аан дойдуга музей күнэ

Игидэйгэ музей тэриллиитин туһунан

 

Норуот олорон ааспыт олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа, оҥорбут үтүө дьыалата-бу барыта история. Музей-история кэрэһитэ, музей-олох былыргыта, билиҥҥи уонна кэнэҕэски кэми ситимниир культура киинэ. Игидэй нэһилиэгэр 1989 сыллаахха бэтэрээннэр түмсүүлэрэ мунньахтаан баран, нэһилиэк историятын үйэтитэр сыалтан «Өбүгэлэри үйэтитин» диэн ааттаах музейы тэрийэр туһунан уураах таһаарбыта. Оччолорго музейы тэрийээччинэн, общественнай салайааччынан М.С.Максимова буолбута, 1989-1994 сылларга үлэлээбитэ.

   Быраҕыллан турар эргэ кулууп дьиэни ыраастаан, ис-тас өттүн өрөмүөннээн, үлэ күөстүү оргуйбута. Бэтэрээн оҕонньоттор салайыыларынан, сүбэлэринэн араас өрүттээх үлэлэр , көхтөөх субуотунньуктар ыытыллыбыттара. Биригэдьиир Н.Н.Сивцев салалтатынан дьиэ ис өттө оҥоһуллубута. И.Н.Лопатин салалтатынан А.М.Ордахов, К.Н.Марков, И.Е.Нестеров, В.Н.Кузьмин, И.М.Заболоцкай экспонаттары, атахтаах мас стендэлэри, музейга араас ис-тас өрүттээх үлэлэри оҥорбуттара. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Е.И.Маркова салайыытынан олорор түөлбэлэринэн араас ахтыылар, хаартыскалар хомуллубуттара, планшеттар, альбомнар оҥоһуллубуттара.

   Нэһилиэк олохтоохторо дьоннорун былыргы малларын, сорохтор бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарын музейга туттарбыттара. М.А.Протодьяконов нэһилиэк бэтэрээннэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппитэ. Элбэх экспонаты Н.И.Захаров, И.И.Максимов биэрбиттэрэ. Ити курдук «Өбүгэлэри үйэтитии» музей тэриллиитигэр А.Я.Маркова, А.Г.Аргунова, О.Н.Алексеева, Ф.В.Заболоцкая, А.К.Аргунова, А.С.Унарова, Ф.И.Попова, А.С.Иовлева, З.Н.Ермолаева, Г.С.Попова о.д.а. сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.

   1991 сылтан саҕалаан дойду үрдүнэн политическай, тосту уларыйыылар түмүктэригэр, ыһыллыы-тоҕуллуу, идея политикатын симэлийиитэ барбыта. Ити тыына нэһилиэк сайдыытыгар эмиэ биллибитэ.

   Инникини өтө көрөн, кэскиллээҕи тобулан 1992 сыл сэтинньи 12 күнүттэн умайбыт музей сөргүтүллэн»Оскуола музейа» үлэлиир, салайааччы  Варламова Анна Павловна. Музей сүрүн сыалынан-оҕону норуот педагогикатыгар олоҕуран, норуот төрүт үгэстэригэр иитии буолар. Музей базата бастаан алта хостоох 1933 сыллаахха тутуллубут, оттуллубат эргэ оскуола корпуһугар түөрт хоһунан тэриллибитэ. Онтон саҥа оскуола үс хоһугар, алта саалаҕа арахсан оҥоһуллубута. Кэлин 2002 сылга 1955 сыллаахха тутуллубут эргэ кулууп дьиэҕэ үлэлээбитэ. Бүтэһигэр «Аартык» оҕону сайыннарар эстетическай киин базатыгар турбута.

   1996 сыллаахха бэтэрээннэр, нэһилиэк, оскуола дьаһалтата кыттыылаах мунньахха нэһилиэк «Өбүгэлэри үйэтитии» музейын оскуола «Норуот педагогикатын музейыгар холбуур туһунан уураах ылыммыта. Оччотооҕу уураах боротокуолун көрдөххө, 7 киһи састааптаах хамыыһыйа үлэлээбит. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн Ермолаев П.П., Аргунов А.К., Варламова А.П., Варламова Л.И., Иванов А.К., Нестеров Е.Н., Иовлева А.С. киирбиттэр, описьтаан музей экспонаттарын оскуола музейыгар туттарбыттар. Ити курдук нэһилиэк уонна оскуола музейа холбоһон баай экспонаттардаах, элбэх матырыйааллаах дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар музей буолбута.

    2003 сыллаахха кулун тутарга 7 №-дээх Сибидиэтэлистибэ туттарыллыбыта, «оскуола музейын» статуһун ылбыта. Экспонатын ахсаана:4504, ситиһиилэрэ: 2004 сыл, ахсынньы 2-3 күннэрэ:Оскуола музейдарын Улуу Кыайыы 60 сылыгар аналлаах республикатааҕы көрүү конкурстарыгар 2 миэстэ; 2005 сыл от ыйын 4-8 күннэрэ:Улуу Кыайыы 60 сылыгар аналлаах Бүтүн Россиятааҕы көрүү-конкурс дипломана; 2006 сыл ыам ыйын 19 күнэ:улуустааҕы «Билиҥҥи музей» конкурс кыайыылааҕа. Варламова Анна Павловна музейга 1992-2010 сылларга олохтон барыар диэри сүрэҕиттэн ылсыһан, үтүө суобастаахтык, үрдүк стиһиилээхтик үлэлээбитэ.

   2002 сыллаахха музейга лаборанынан Бойтунова Марианна Константиновна үлэлии киирбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар элбэх матырыйааллары бэчээттэммиттэрэ. Музейга компьютер суох буолан Анна Павловна дьиэтигэр түүннэри олорон үлэлииллэрэ.

  Кэлин музей саҥаттаан хомуллан, сөргүтүллэн кулун тутар 2 күнүгэр 2020 сыллаахха биһиги биир дойдулаахпыт, Игидэй нэһилиэгэр педагогика музейын, «Куолу» араатардар күрэстэрин, «Игидэй нэһилиэгэ-Олоҥхо үөскээбит дойдута» программатын уонна туристическай маршрутун төрүттээччи, үрдүк категориялаах учуутал, патриот  Варламова Анна Павловна аатынан кыраайы үөрэтэр музей саҥа тыыннанна.  Салайааччынан Лопатина Татьяна Эдуардовна үлэлиир.

Хаста даҕаны көһөн, төһө да үгүс матырыйаал, экспонат сүттэр музей үлэтин салҕыыр. Анна Павловна бэйэтэ олорон ааспыт дьиэтэ музей буолар.

 

Игидэй оскуолатын, нэһилиэгин музейдарыгар үлэлээбиттэрэ:

  1. Н.Ф.Габышева
  2. А.С.Бойтунов
  3. Е.И.Маркова
  4. М.С.Максимова
  5. А.П.Варламова, М.К.Бойтунова
  6. Г.С.Попова
  7. А.А.Захаров
  8. М.Г.Нестерова
  9. И.И.Аргунов
  10. А.Д.Харайданов

 

 

 М.Г.Нестерова, М.К.Бойтунова

ахтыыларыттан

 сиэттэрэн музей историята.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *