1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (4 votes, average: 4,00 out of 5)
Загрузка...
842 views

2023 сылга Игидэй нэһилиэгин ытык-бэлиэ күннэрэ

1. Игидэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сыла (Архыып матырыйааллара туоһулуулларынан, Игидэй нэһилиэгин төрүттэниитэ Саха сирэ Россия састаабыгар киирбит кэмин кытта тэҥҥэ кэриэтэ, 1637 сылтан, дьаһаах төлөбүрүн кинигэтигэр сурукка киирбититтэн саҕаланар).

2. Эдуард Карлович Пекарскай төрөөбүтэ 165 сыла
(25.10.1858—29.06.1934) — саха уопсастыбаннай диэйэтэлэ, политсыылынай, учуонай, “Саха тылдьытын” автора

Э.К. Пекарскай 1858 сыллаахха алтынньы ый 25 күнүгэр Минскэй күбүөрүнэ Игуменскай уеһыгар төрөөбүт. Мозырскайдааҕы, Таганрогтааҕы, Черниговтааҕы классическай гимназияларга үөрэммит. 1877 сыллаахха Харьковтааҕы ветеринарнай институтка үөрэнэ киирбит уонна маҥнайгы курска үөрэнэ сылдьан, ыраахтааҕы былааһын кытаанах режимын утары устудьуоннар хамсааһыннарын көҕүлээччи буолбут. Ол иһин 1878 сыллаахха ахсынньы ыйга институтуттан уһуллубут уонна Архангельскай күбүөрүнэҕэ биэс сылга сыылкаҕа ыытыллыбыт. 1878 сыллаахтан «Земля и Воля» диэн революционнай общество чилиэнэ.1879 сыллаахха иккиһин тутуллан Военно-полевой суутунан 15 сылга хаатырга үлэтигэр ууруллар. Ол эрээри Москва куорат генерал губернатора Э. К. пекарскай эдэрин, доруобуйата мөлтөҕүн учуоттаан хаатырганы Сибииргэ сыылканан солбуйбут.1881 сыллаахха сэтинньи ый 2 күнүгэр Э. К. Пекарскай Дьокуускайга кэлэр. Улуус кулубата, баай Оруоһуттар төрүөхтэрэ Уйбаан оруоһун нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан биир суолу куруук бэлиэтии көрөрө. Ол ханна сыылынайдар олорор сирдэригэр үөрэх-билии олохтоох сахалар ортолоругар тарҕанарын, судаарыскайдар олорор дьиэлэригэр оҕолору мунньан үөрэтэллэрин, онтон үөрэхтээх дьон тахсалларын. Ол курдук Уйбаан Оруоһун кулуба Э. К. Пекарскайы бэйэтин дойдутугар 1 Игидэй нэһилиэгэр, бастаан «Чараҥ» онтон «Дьиэрэҥнээх» диэн сиргэ олохтообут. Олороругар, үлэлииригэр сөптөөх дьиэлээн-уоттаан, сүөһүлээн-астаан, оттуур ходуһалаан, балыктыыр тэриллэн, дьиэтин-уотун хомуйар, аһын-үөлүн астыыр эстэрээппэ кыыһы сыһыаран, 50 саастаах икки хараҕа суох Өндөрөй Оччокуунап диэн киһини Пекарскайга саха тылын үөрэтэргэ соруйан, Г. Т. Васильев диэн нэһилиэк кинээһин Пекарскайга эппэкиин буоларга сөбүлэһиннэрэн туох баар усулуобуйаны төһө кыалларынан тэрийбит.1883 с. Пекарскайга политическай сыылынай Н. С. Тютчев тиийбитэ уонна академик О. Бетлинг «Сахалыы-немецтии тылдьытын» бэлэхтээбитэ. Пекарскай тылдьытын үчүгэйдик көрөн баран, кини ситэтэ суоҕун көрбүтэ уонна элбэх грамматическай сыыһаны булбута. Тылдьыт 3000 тыллаах этэ. Бу тылдьытын көрөннөр бүтүн Россия наукатын эйгэтигэр саха тыла сайдыыта суоҕун уонна дьадаҥытын туһунан кэпсэтэр буолбуттара. Бу барыта саҥа саха тылын толору тылдьытын оҥорорго төрүөт буолбута. Тылдьытын 45 сыл тухары оҥорбута. Төһө даҕаны көскө сырыттар Пекарскай син биир норуот туһугар охсуспута. Дьадаҥы дьону нууччалыы ааҕарга уонна суруйарга үөрэппитэ. Саха норуотун фольклорун хомуйбута уонна олоҥхону үөрэппитэ. 1927 с. Э. К. Пекарскай ССРС НА корреспондент-чилиэнинэн талбыттара, 1931 с. фольклрун чинчийэн үөрэппит киһинэн буолар. Кини хомуйан уонна редактордаан «Саха тылын тылдьыта» диэн улахан үлэтэ билигин даҕаны устудьуоннар, учууталлар уонна үөрэнээччилэр биир бастыҥ кинигэлэринэн буолар.

3. Оросин Константин Григорьевич төрөөбүтэ 165 сыла
сэһэнньит, тойуксут, олоҥхоһут. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону бастакынан сурукка киллэрбит үтүөлээх
Оруоһуттартан саамай баайдара Киргиэлэй Оруоһун түөрт уолуттан улаханнара К. Г. Оросин Боотурускай улуус 1 Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ытык Күөлгэ Дмитриан Попов аҕабыыт чааһынай оскуолатыгар ааҕарга-суруйарга үөрэммитэ. Кини бэйэтэ ыллыыра, олоҥхолуура, ыҥырыыга сылдьар сээркээн сэһэнньиттэри, ырыаһыттары, тойуксуттары, олоҥхоһуттары дьиэтигэр мунньан биһирээн истэрэ. Сыыйа ырыаны, олоҥхону суруйар үгэстэммитэ. «Сир ийэ айыллыбыт ырыата» диэн 287 строкалаах ырыата 1912 с. «Саха саҥата» сурунаал үһүс нүөмэригэр тахсыбыта.
К. Оросин саха аар-саарга аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун Миинэ уола Дьөгүөссэттэн истэн 1880 с. суруйан ылбыта. «Суругу үчүгэйдик билэр буола баран саха олоҥхотун киһи толору суруйан хаалара эбитэ буоллар, кэнэҕэски ыччакка туһалаах да буолуо этэ» диэн бэйэтэ кыра үөрэхтээҕиттэн муҥатыйара. Э. К. Пекарскай сорудаҕынан 1895 с. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону биир туспа варианын аан бастакынан сурукка-бичиккэ киллэрэн саха норуотугар үйэ-саас тухары өлбөөдүйбэт үтүөнү оҥорбута. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо аан дойдуга киһи-аймах чулуу айымньытынан ааттанна. Онон бу олоҥхо сурукка киириитэ дириҥ ис хоhоонноох, историческай суолталаах.
Олоҥхону нууччалыы уонна Д. Хитров сахалыы алфавитын буукубаларын туһанан суруйбута. Бу олоҥхо 1907 с. Санкт-Петербург куоракка тахсыбыт Э.К. Пекарскай «Сахалар народнай литератураларын холобурдара» диэн улахан үлэтин бастакы кинигэтигэр бэчээттэммитэ. Олоҥхо ис хоһоонун П. А. Ойуунускай туһанан, 20-с сылларга «Туйаарыма Куо» драманы сценаҕа туруортарбыта. 1940 с. Д. К. Сивцев-Суолун Омоллоон «Ньургун Боотур» опера либреттатын К. Оросин олоҥхотугар олоҕуран суруйбута. 1943 сылтан элбэхтэ сценаҕа оонньоммута. 1957 с. саха бастакы операта «Ньургун Боотур» Суорун Омоллоон либреттотынан Г. Литинскэй, М. Жирков музыкаларыгар туруоруллубута.

4. Яковлев Николай Семенович төрөөбүтэ 115 сыла (06.12.1908-1987 с.)
ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Е. Ярославскай аатынан бириэмийэ лауреата
1908 с. ахсынньы 6 күнүгэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1927 с. начальнай оскуоланы бүтэрбит, 1932 с. диэри Игидэйгэ нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Ити дьыл Дьокуускайга педрабфакка үөрэнэ киирбит, 1935 с. бүтэрэн «Кыым» хаһыат үлэһитэ буолбут. 1938-1940 сс. «Эдэр бассабыык» хаһыат редакторын солбуйааччытынан, редакторынан үлэлээбит.
1940-1946 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар партия Кэбээйитээҕи райкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит. 1955 с. Москваҕа партия Киинин Комитетын Үрдүкү партийнай оскуолатын бүтэрэр уонна «Кыым» хаһыат редакторын солбуйааччытынан, кэлин эппиэттиир редакторынан үлэлээбит. 1959 с. ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Кэлин общественнай-политическай биэрии редакторынан үлэлээбитэ.
1977 с. Е. Ярославскай аатынан республика суруналыыстарын бириэмийэтин лауреата.

5. Пахомов Иван Николаевич төрөөбүтэ 100 сыла (1923–2007 сс.)
Тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РСФСР физическай культуратын туйгуна, «1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» , «Учууталлар учууталлара» бэлиэлэр хаһаайына, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыта, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Иван Николаевич Пахомов 1923 с. Амма улууһун Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1943 с. пединститут физико-математическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1947 с. үөрэҕин бүтэрэн Нам орто оскуолатыгар ахсаан учууталынан анаммыта. 1948-1952 сс. Дьокуускайдааҕы, салгыы 1953-1957 сс. Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа преподавателинэн, 1957-1960 сс. Ытык Күөл оскуолатыгар учууталынан, завуһунан үлэлээбитэ. 1960 сылтан Игидэй 7 кылаастаах оскуолатыгар ананан кэлэн, 1974 с. диэри таһаарыылаахтык учууталлаабыта, дириэктэрдээбитэ.
Кини үлэлиир сылларыгар бастаан оскуола 8 кылаастааах буолбута, онтон 1966-1967 үөрэх дьылыгар уон кылаас аһыллыбыта. Оскуолаҕа дириэктэрдиир кэмигэр 50 миэстэлээх интернат, мастерской тутуллубуттара, ититэр систиэмэ киллэриллибитэ, саҥа оскуола дьиэтин туруорсуу саҕаламмыта. 1974-1978 сс. Дьокуускай куорат 8 нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэринэн, 1985-1987 сс. оройуон үөрэҕин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын райкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Иван Николаевич талааннаах тэрийээччи, саҥаны, бастыҥы олоххо киллэрээччи, коллективы биир санааҕа түмээччи, оскуола уонна нэһилиэк общественноһын икки ардыларыгар сибээһи олохтооччу быһыытынан биллибитэ. Ханна да үлэлээтэр үөрэнээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр, нэһилиэнньэ ортотугар аптарытыатынан туһанара. Спорт пропагандиһа этэ, оскуола оҕолоро эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар болҕомтотун уурара.
Коммунист, лектор, пропагандист, агитатор, олохтоох сэбиэт депутатын быһыытынан нэһилиэккэ элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Учууталлар республикатааҕы съезтэрин делегатынан талыллыбыта. Кэргэнинээн Анна Яковлевналыын Пахомовтар учуутал династияларын төрүттээбиттэрэ.

6. Аргунов Федот Семенович – Саргыл Тааттыын төрөөбүтэ 95 сыла
РСФСР, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, композитор, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина
1928 с. Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үрдүк үөрэхтээх. Тыыл, педагогическай үлэ ветерана. ССРС Композитордарын сойууһун чилиэнэ. Тааттатааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын директорынан, преподавателинэн уһуннук үлэлээбитэ. Кэккэ музыкальнай айымньылар ааптардара. Билигин Тааттатааҕы оҕо музыкальнай оскуолата кини аатын сүгэр.

7. Марков Семен Иннокентьевич төрөөбүтэ 85 сыла (30.10. 1938-01.01.2019 сс.)
Суоппар, Үлэҕэ Албан Аат III степеннээх уордьан кавалера, Тааттыныскай нэһилиэк бочуоттаах гражданина
1938 сыллаахха алтынньы 30 күнүгэр Татта оройуонун Дьиэрэҥнээх нэһилиэгэр Кулаадаҕа элбэх оҕолоох Мария Васильевна уонна Иннокентий Николаевич Марковтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Дьокуускай куоракка үөрэнэн суоппар идэтин ылбыта. Барыта 30-тахса сыл СЕЛЬХОХТЕХНИКА тэрилтэҕэ үлэлээн ыраах Большой Неверинэн, Магаданынан уустук суоллаах хоту оройуоннарынан уһун айаҥҥа сылдьыбыта. Араас техниканы, саппаас бородууктаны, сопхуостарга оту, сүөһү эбии аһылыгын таһыыга таһаарыылаахтык үлэлээн оройуон сайдыытыгар бэйэтин улахан кылаатын киллэрбитэ. Хас да төгүл оройуоҥҥа «Чемпион суоппар» аатын ылбыта. Үлэ көдьүүстээх буоларын туһугар саҥаны олоххо киллэрэрэ. Илиҥ эҥэр оройуоҥҥа бастакынан 1979 с. маҥнайгы Урал 377 көрбүрээтэри, ЯМ 236 дизельнай мотору олордон оҥорбута.
С.И. Марков өр сыллаах сыралаах үлэтэ сыаналанан 1977 с. «Үлэҕэ Албан Аат » III степеннээх уордьанынан, В.И. Леннин төрөөбүтэ 100 сылынан «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн, «IX пятилетка кыайыылааҕа», «Х пятилетка кыайыылааҕа», «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта, үлэ бэтэрээнэ, коммунистическай үлэ ударнига, «Сельхозтехника» Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ.

2023 сылга төрөөбүттэрэ 100 сылларын туолар 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара
1. Алексеев Николай Прокопьевич (1923-1953 сс.)
2. Захаров Иван Алексеевич (1923-1943 сс.)
3. Захаров Николай Ильич (1923-1998 сс.)
4. Кобахов Хрисанф Иванович (1923-1972 сс.)
5. Кузьмин Дмитрий Семенович (1923-1944 сс.)

Таатта улууһун Герой Ийэлэрэ
85 сыл
1. Аргунова Мария Константиновна (1938 с.)
2. Матаннанова Мария Семеновна (1938-2015 сс.)