Игидэй нэһилиэгэр «Иэйии» түмсүү 2017 сыл олунньу ыйга олохтоох библиотека иһинэн тэриллибитэ. Түмсүүбүтүн Саха республикатын үтүөлээх учуутала Андросова Любовь Васильевна ситиһиилээхтик салайан үлэлэппитэ. Литератураны, чуолаан поэзияны сөбүлээччилэр 12 киһи түмсэн, нэһилиэк культурнай олоҕор кыттыһан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Дьон өйүгэр-санаатыгар хатаннын диэн үгүс оҕону, үөрэнээччини, тэрилтэ үлэһиттэрин, бэтэрээннэри, норуот айымньытын дьиэтин специалистарын түмэн, биир сүбэнэн үлэни тэрийэбит.
Ол курдук, А. И. Софронов-Алампа, А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, С. А. Новгородов, С. П. Данилов, П. Н. Тобуруокап үбүлүөйдэрин бэлиэтээн бэсиэдэлэри, конкурстары, викториналары, ырытыылары, презентациялары, быыстапкалары тэрийбиппит. А. Е. Кулаковскай «Интеллигенцияҕа сурук» айымньытын ааҕан ырыппыппыт. Билиҥҥи кэмҥэ сиргэ сыһыаммыт туһунан кэпсэппиппит. С. П. Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Иһирэх тылынан» литературнай биэчэр үгүс киһини түмпүтэ. Үөрэнээччилэр сахалыы, нууччалыы, английскайдыы хоһоон аахпыттара, үгүс ырыа ылламмыта. П. Н. Тобуруокап үбүлүөйдээх 100 сылыгар нэһилиэккэ бастакынан мюзикл-спектакль туруоруллубута. Манна поэт обраһын нэһилиэк баһылыга Е. А. Марков айымньылаахтык арыйбыта.
Түмсүү уратытынан Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт киһини умсугутар үлэлэрэ буолар. 2017 с. Э. К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө Павлова Христина Петровна хомуйуутунан 10 автор айымньылара киирбит «Игидэй-иэйиибит биһигэ» кинигэ тахсыбыта. Иэйиилэр мустан кинигэ тула кэпсэппиппит, дьүүллэспиппит, Л. В. Андросова ырытыы оҥорбута.
Түмсүү чилиэнэ, элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ, совхоз бастыҥ ыанньыксыта, үлэ бэтэрээнэ, айар куттаах Мария Михайловна Спиридонова айылҕа, олох, таптал туһунан ис-киирбэх хоһооннору суруйара. Бастакы хоһооннорун хомуурунньугун библиотекарь, СР культуратын туйгуна Заболоцкая Федора Васильевна хомуйан таһаарбыта. Кэлин автор саҥа хоһооннорун түмэн 2019 с. «Чараҥ суугуна» диэн иккис хомуурунньугу К. А. Жулева, Л. В. Андросова бэчээттэтэн таһаарбыттара. Кулун тутар ыйга нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ кыттыылаах кинигэ биһирэмин үрдүк таһымҥа тэрийбиппит. Манна уратыта диэн автор хоһооннорун дьүһүйэн көрдөрүү диэн этэ. Хас биирдии тэрилтэҕэ хоһооннору темаларынан наардаан түҥэппиппит. Биһиги үөрүүбүтүгэр олус элбэх тэрилтэ, түмсүү кыттан тэрээһиммит олус сонун, интэриэһинэй буолбута. Мария Михайловна олус үөрбүтэ, долгуйбута.
2018 с. «Күрүлгэн» сурунаалга бастакытын Мария Михайловна Спиридонова хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. Эмиэ бу сыл «Ытык Таатта аатын киэн эйгэҕэ таһаарбыт коллективтар, түмсүүлэр» диэн кинигэ-альбомҥа түмсүүбүт туһунан сырдатыллыбыта.
Түмсүү биир чаҕылхай кыттыылааҕа, олохтоох автор, культура бэтэрээнэ Анна Петровна Григорьева буолар. Кини патриотическай хоһоонноро ыччаты иитиигэ, сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэрин үйэтитиигэ улахан оруоллаахтар. Анна Петровна хоһооно биһиги «Иэйии» түмсүүбүт аатыттан А. Е Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйүгэр аналлаах «Өксөкүлээх Өрөгөйө» диэн республиканскай конкурска дипломунан наҕараадаламмыта. Айар куттаах Анна Петровна ырытыылара «Кыым», «Якутия» хаһыаттар сайтарыгар, хоһоонноро «Киин куоракка» бэчэттэммиттэрэ. Анна Петровна 2023 с. айар үлэтин түмэн «Умсулҕаннаах дьарыгым» диэн кинигэ бэчээттэтэн таһааттарда. Чугас дьонун, дьүөгэлэрин, биир дойдулаахтарын түмэн Дьокуускай куоракка бэрт сэргэх кинигэ биһирэмин тэрийэн ыыппыта.
Александра Жулева-Суһума биһиги түмсүүбүт биир чаҕылхай кыттааччыта. Кини тэттик кэпсээннэри, хоһооннору суруйар. Үгүс элбэх ситиһиилэрдээх. Ол курдук, 2021 с. «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» Дьокуускайдааҕы «Арчы Дьиэтэ», «Уоруруктааҕы норуот айымньытын киинэ» тэрийэн ыыппыт күрэҕэр «Инникини тымтыктанан көрбүт суох» кэпсээнинэн кыттан «Киин куорат» хаһыакка бэчээттэммитэ. «Айар Кут» саха сирин хоһоонньуттарын, кэпсээнньиттэрин сойууһа В. В. Васильев-Муттуххай Бороҥ кэриэһигэр «Эн талааҥҥар сүгүрүйэн…» уус-уран күрэххэ «Оспот баас» кэпсээнинэн кыттан III үрдэли ылбыта. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар С. А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай кинигэ кыһата тэрийэн ыыппыт уус-уран оҕолорго аналлаах кэпсээн күрэҕэр «Махсыым түүлэ» кэпсээнинэн кыттан, «Максим Аммосов оҕо сааһа» кинигэҕэ бэчээттэммитэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта хоһоонньут И. Колодезникова-Ымыы аатыгар ыытыллыбыт «Хоһоон кутум, хотун кутум» өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон айааччылар күрэхтэригэр III үрдэл буолла. Александра Семеновна 2023 с. олунньу ыйга «Эйиэхэ» диэн бастакы кэпсээннэрин хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. Чугас дьонун, айар куттаахтары түмэн дойдутугар Игидэйгэ, Дьокуускай куоракка кинигэ биһирэмнэрин тэрийэн ыыппыта.
Түмсүү чилиэннэрэ улууска, республикаҕа ыытыллар суруйар, айар дьону көҕүлүүр куонкурстарга активнайдык кытталлар. Ол курдук, 2018 с. П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах хоһоон айыытын күрэҕэр түмсүү чилиэннэрэ Спиридонова М.М., Григорьева А.П. ситиһиилээхтик кыттаннар, 2019 с. бэчээттэнэн тахсыбыт «Эрдэ турбут сэһэнэ, хойут турбут хоһооно» хомуурунньукка хоһоонноро киирбиттэрэ.
2019 с. кулун тутар ыйга «Туллукчаан» оҕо библиотеката тэрийбит Протодьяконов Василий Никитич төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Аҕа уобараһа» уус-уран айымньыны ырытыы кэтэхтэн куонкурска түмсүү салайааччыта Андросова Л.В. ситиһиилээхтик кыттыбыта (Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм», С. Маисов «Аҕа» романнарынан).
2019 с. Муус устар ыйга Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин «Дьэҥкир алып» айар түмсүү тэрийэн ыыппыт «Олох олоруҥ хоһоонунан» диэн темаҕа республиканскай хоһоон айыытын күрэҕэр түмсүү чилиэннэрэ Андросова Л.В. 2, Ефимова В.К. 3 миэстэни ылары ситиспиттэрэ.
2019 с. Бэс ыйыгар Саха норуодунай поэта С.Р. Кулачиков-Эллэй төрөөбүтэ 115 сылынан, поэт, прозаик Р.А. Кулаковскай төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах улуустааҕы поэтическай турнирга Дьяконова О.С. ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Дойдубут үрдүнэн хамсык ыарыы туран туох баар тэрээһиннэр куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар буолбуттара. Түмсүү кыттыылаахтара олорон хаалбакка, үгүс элбэх куонкурстарга кыттан дипломнарынан, туоһу суруктарынан наҕараадаламмыттара.
2021 с. түмсүүбүтүн СӨ үөрэҕириитин туйгуна Мавра Павловна Матаннанова салайар. Киэн туттар биир дойдулаахтарбытыгар, Саха АССР үөрэҕин уонна доруобуйа харыстабылын бастакы наркома А. Ф. Бояров төрөөбүтэ 125, Саха сиригэр социология наукатын төрүттээбит учуонай, суруналыыс И. А. Аргунов төрөөбүтэ 100 сылларыгар анабыл хоһоон күрэхтэрин тэрийэн ыыппыппыт.
2023 с. сайын саха норуотун чулуу уола П. А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үргэл сулус куорсуннара» фестиваль Хадаайы киэн түһүлгэтигэр республикабыт араас муннуктарыттан айар түмсүүлэри, айар куттаахтары муспута. Биһиги түмсүүттэн А. К. Аргунова, А. С. Жулева, М. П. Матаннанова кыттаннар «Дорҕоонноохтук ааҕыы» анал ааты ылары ситиспиттэрэ.
2024 с. түмсүүбүтүн Жулева Александра Семеновна-Суһума салайар.
2024 с. түмсүүбүт кыттыылаахтарын хоһооннорун түмэн «Иэйии биһигэ» диэн бастакы хоһооннор хомуурунньуктарын бэчээттэтэн таһаардыбыт. Нэһилиэкпитигэр айар талааннаах дьоммутун сырдатар сыалтан литературнай биэчэр тэрийбиппит. Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ анаан хас биирдиибит анал таҥас тиктэрэн, бары кыһаллан туран бэлэмнэнэн тэрээһиммитин үрдүк таһымҥа ыыппыппыт.
Бу күһүн түмсүүбүт салайааччыта Жулева А. С. Үөһэ Бүлүүгэ ыытыллыбыт «Тобуруокап көмүс күһүнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай фестивальга бастакы миэстэни ылан үрдүк ситиһиилэммитэ.
Бу курдук түмсүүбүт кыттыылаахтара айар, суруйар эйгэҕэ кэккэ ситиһиилэрдээхтэр, инникитин да нэһилиэктэрин аатын ааттатан өссө да айар аартыктара кэҥии, сайда туруоҕа.
Кристина Жулева
библиотекарь