1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
648 views

Гимн Дэбдиргэ

Дэбдиргэм

Анна Лопатина тыллара
Эрхаан мелодията

Оһуор-мандар ойуу-дьарҕаа
Сахам дьикти баай тыла
Бэкээрискэй тылдьытыгар
Тиһиллибит үйэлээхтик,
Ньургун Боотур олоҥхобут
Кынаттанан көппүт сирэ
Улуу дьоннор түөлбэлээн
Олохсуйбут ытык сирэ.

Х-ы

Ол мин дойдум,
Сирим бэлэх биэрэр
Ытык дойдум
Үйэттэн үйэҕэ аатын ааттаныа
Олус таптыыр мин Дэбдиргэм

Тэтэрэ буһар дьэдьэннэрдээх
Халдьаайылаах алаастаах
Оҕо-аймах ойор-тэбэр
Сибэккилээх кырдаллардаах
Сыспай сиэллээх хоройо сүүрэр
Хойуу оттоох ходуһалаах
Ынах сүөһү хотолдьуйа
Хаамар арыы сыһыылардаах

Алаас сиккиэр тыала саһар
Солко суугун чараҥнардаах
Тайах, куобах мааны саарба
Таптаан үөскүүр үрэх тыалаах
Оһуор-мандар ойуу-дьарҕаа
Сахам дьикти баай тыла
Бэкээрискэй тылдьытыгар
Тиһиллибит үйэлээхтик