Мария Спиридонова
Ийэ сүрэҕэ
Ийэ сүрэҕэ оҕотугар
Күҥҥэ көрбүт көмүһүгэр,
Утуйар уута көтүөҕэ
Оҕото ыалдьар кэмигэр…
Ыраах да сырытталлар
Өрүү чугастар ийэлэригэр,
Хаһыа да буоллаллар
Биир тэҥ курдуктар киниэхэ.
Күннэри-түүннэри ахсаабакка
Саныыр ийэ оҕолорун,
Ханна хайдах сылдьалларын
Ханна хайдах олороллорун.
Олохторугар табыллан
Олороллорун туһугар,
Кыаллыбаты да кыайыа
Сүбэ-ама буолуоҕа…
Ыалдьар да буоллар бэйэтэ
Ыарыытын умнуоҕа,
Оҕом туһа дии санаан
Санаатын күүһүн ууруоҕа.
Хантан маннык уйаҥ сүрэх
Баара буолуой ийэҕэ?
Хайдах маннык күүстээх санаа
Баара буолуой ийэҕэ?
Ийэлэргитин умнумаҥ
Кырыйдаллар даҕаны…
Арай уйаҥ буолуохтара
Кыраттан да хомойуохтара…
Кыраттан да үөрүөхтэрэ
Кинилэр майгылара оннук,
Тугу барытын тулуйуохтара
Оҕолорун тустарыгар.
Ийэ сүрэҕэ оҕотугар
Күҥҥэ көрбүт көмүһүгэр…
Михаил Алексеевич Ордахов
Ийэ барахсан
Ийэ-ийэ барахсан
Иитэр, аһатар оҕотун,
Иллээх кэргэн буолан,
Иэримэ дьиэтин сырдатар.
Ийэ—ийэ барахсан
Иистэнньэҥ бэрдэ буолан,
Имигэс, түүлээх таҥастаах,
Ичигэс сылаас олохтоох.
Сылаас нарын илиилэрэ
Сылайбыты ириэрэр,
Сымнаҕас, эйэҕэс майгыта
Сүрэхпитин үөрдэр.
Ийэ баар буолан,
Оҕо-аймах баар,
Ийэ баар буолан
Ийэ дойду киэргэйэр.
Ийэ-ийэ барахсан
Орто дойду силиһэ,
Кини куруук киэргэйдин
Киһи аймах дэлэйдин.
Николай Пахомов
Ийэ
Эмиийиҥ үүтүнэн арчылаан
Дырылас тапталы билэҕин,
Оҕоҕун ыбылы кууһаҕын,
Иэйииттэн туймааран ылаҕын.
Уостаргын мичийэ сэгэтэн
Тапталгын чыычааххар иҥэрэн,
Күн сирин дьолугар сууланан
Эн ийэ буолбуккун билэҕин.
Долгуйа оҕоҕун кэтиигин
Хараххын симпэккэ күүтэҕин,
Минньигэс сытыттан билэҕин
Дууһаҕын долгуйа аһаҕын.
Ийэ диэн бу туспа айылгы –
Олоҕу салҕатар айыллыы,
Оҕону олоххо аҕалыы,
Күн сирин кэрэтин иҥэрии.
Оҕо диэн эн иэйииҥ кыырпаҕа
Сүрэҕиҥ быстыбат анала,
Инники эрэлиҥ, аналыҥ,
Бу сиргэ дьылҕаттан бэлэҕиҥ.
Анна Петровна Григорьева
Ытык Ийэ Ф. Н. Малгина кэриэһигэр
Иччитэх өтөҕү ытатан,
Тыал курдат айбардыыр,улуйар,
Хаппыт аан иэччэҕэ кыыкынаан,
Куйаха күүрүөхтүү кыланар.
Кураанах тэлгэһэ иһигэр,
Иҥнэйбит сэргэтин иннигэр
Икки бүк нүксүйэн,санньыйан
Кыракый эмээхсин олорор…
Хаһан эрэ өрдөөҕүтэ
Кийиит буолан кэлбитигэр,
Маҥан ата бааллыбыта
Алгыстаах саҥа сэргэҕэ…
Тапталлаах кэргэнэ Дьөгүөрдүүн,
Сыллата элбэх оҕолонон,
Харытын күүһүнэн үлэлээн,
Быр-бааччы сэниэ ыал этилэр…
«Үрэх Төрдүн» оҕолоро Бытырыыс курдук бытарыһан,
Ситтэрбэт кэрэни ситээри,
Таҥара лыаҕын эккирэтэн,
Көрүлүү көччүйэр этилэр…
Тулуурдаах-дьулуурдаах сонордьут
Аҕаларын уһуйуутунан,
Өттүк харалаах уолаттарын
Кэтэһии үөрүүлээх да этэ…
Сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһит,
Эмдэй-сэмдэй уолаттарынан
Тэлгэһэ толору буолара,
Алаһа дьиэ дьоллоох да этэ!…
Эмискэ «сэрии» диэн ыар сурах
Дойдуну тилийэ көппүтэ,
Биэс быраат сэриигэ барбыта,
Халҕаны тиһэҕин сабаннар…
Түүннэри-күннэри төһөлөөх
Өлөр-тиллэр түгэннэригэр
Айыы Таҥараттан көрдөһөн,
Араҥаччылыы сатаахтыыра…
Хара суор курдук халаахтааннар,
Биэс уолугар хара суруктар
Күнүн сабардаан ылбыттара,
Сир ийэ сиҥнэргэ дылыта…
Баайаҕа,Таатта,Саха Сирэ,
Умнумаҥ хорсун саллааттары,
Малгиннар сырдык ааттарынан
Үйэлэр тухары киэн туттуҥ!
Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт,
Дьоллоох олоҕу
уһансыбыт,
Ытык Ийэҕэ махталбытын
Кэнчээри ыччакка тиэрдиэҕиҥ!
Владислав Аргунов
Ийэбэр
Истэбин эйигин күһүҥҥү түүннэргэ,
Дьиримнэс сулустар ырыаларыгар,
Санньыйбат Бүлүү өрүс кумаҕар,
Көтөрдөр айанныыр суолларыгар.
Көрөбүн мунчаарар түүллэрбэр
Сылааскар, сүбэҕэр утатан,
Соҕотох уолуҥ бэлиэр улаатан
Соргулаах суолугар үктэммит.
Ол уолуҥ тыл кулута буолбут
Уран тыл соноругар туруммут,
Лирика кутаатыгар умайбыт
Поэзия ыырыгар букатын муммут.
Дьыл-күн аастар ааһар, эбэн иһэр
Кыһалҕаны үс төгүл уһааран,
Дьэ, оччоҕо эмиэ иэйиим тиллэн,
Кырдьыгы абынтан араарар.
Илин эҥэртэн иһиллэр ийэм саҥата
Ол диэкиттэн оҕо саас ыҥырар.
Ыллыкпар хаалабын соҕотох,
Көҥүлү таптаабыт суол уола.
Тамара Иванова
Ийэм
Ийэм нарын мичээрэ,
Ийэм кэрэ мөссүөнэ
Ыраастык көстөр
Санаам күүһүн көтөҕөн.
Ийэм истиҥ көрүүтэ,
Ийэм сылаас илиитэ
Ыгатык кууһар
Кутум сүрүн уоскутан.
Ийэм тойук туойара,
Ийэм олоҥхо этэрэ
Курустук иҥэр
Иэйиим кылын таарыйан.