Биһиги биир дойдулаахпыт, историческай наука кандидата, САССР Үрдүку Сэбиэтин икки төгүллээх депутата, Ярославскай аатынан бириэмийэ лауреата, биллиилээх суруналыыс, учуонай, Саха сирин бэчээтигэр, общественнай олоҕор уонна наукаҕа сырдык суолу-ииһи хаалларбыт Иван Александрович Аргунов бу ый ахсынньы 24 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолар.
ОЛОҔУН, АЙАР ҮЛЭТИН ХРОНОЛОГИЯТА
1922 с. ахсынньы ый 24 күнүгэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Александр Иннокентьевич Аргунов Иван аҕыс ыйдааҕар өлбүт. Ийэтэ Мария Николаевна Захарова. Иван улаатан, үөрэхтэнэн киһи-хара буолуутугар ийэтин сурдьа М.Н.Захаров улахан үтүөлээх. Бэйэтигэр олордон үөрэттэрэн, сүбэлээн-амалаан, күүс-көмө буолбут.
1938-1941 сс. Иван Александрович Дьокуускайдааҕы педучилищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит. 1941-1943 сс. Кириэс-Халдьаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталынан үлэтин саҕалаабыт.
1943с. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ бэйэтэ тылланан барбыт. 92-с мотоциклистар батальоннарыгар сулууспалаабыт, Украинаны, Польшаны нөҥүөлээн сэриини Германияҕа түмүктээбит.
1946 с. төрөөбүт дойдутугар Игидэйгэ эргиллэн кэлэн Кыайыы ыһыаҕын дьонун-сэргэтин кытта көрсүбүт. Ол сыл үөрэммит оскуолатыгар учууталлаабыта.
1946-50 сс. Дьокуускайдааҕы пединститут историческай факультетын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ.
1949-1953с. Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотын редактора, сүрүн редактора.
1953-1954 сс. Саха АССР үөрэх миниистирин солбуйааччы.
1954-1956 сс. «Эдэр коммунист» хаһыат редакторынан үлэлээбит.
1956- 1958 сс. Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн саха сирин журналистарын союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
1967-1970 сс.«Социалистическая Якутия» хаһыат редакторынан, «Советская Россия» хаьыат бэйэтин корреспонденынан, ССТА корреспонденынан, «Социалистическая Якутия» уонна «Кыым» хаһыаттар холбоһуктаах редакцияларын редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбит.
1970-74 сс. Иван Александрович партия Саха уобаластааҕы комитетын пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ.
1974-1988 с. ССРС НАСО Саха сиринээҕи филиалын тылга, литератураҕа уонна историяҕа институтун социологическай чинчийиилэргэ саҥа аһыллыбыт лабораторияҕа олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ.
Маны таһынан И. А. Аргунов ССКП Саха уобаластааҕы комитетын чилиэнинэн, Саха АССР Верховнай советын депутатынан, ССРС журналистарын союһун бырабылыанньатын чилиэнинэн талылла сылдьыбыта. «Бочуот знага» орденынан наҕараадаламмыта.
1980 с. Е. Ярославскай аатынан Саха сиринээҕи журналистскай бириэмийэ лауреата. И. А. Аргунов региональнай социологическай науканы сайыннарыыга биллэр кылаатын киллэрбитэ.
1985 с. «Саха норуотун социальнай сайдыыта» — диэн бөдөҥ историческай-социологическай чинчийиилэри түмэн, кинигэ таһаарбыта.
1987 с. «Саха норуотун социологичсекай майгытын үөскээһинин туһунан» — тиэмэҕэ докторскай диссертациятын бэлэмнээбитэ.
1988 с. Саха норуотун былыргытын, билинҥҥи кэмҥэ диэри олорон кэлбит олоҕун уонна инники сайдыытын үөрэтэн, чинчийэн «Социальная сфера образа жизни в Якутской АССР»- диэн монографиятын бэчээттэппитэ.
1988 с. айар үлэтин үгэнигэр сылдьан, ыарахан ыарыыга ылларан, сэтинньи 21 күнүгэр олохтон туораабыта.
ДЬИЭ КЭРГЭНЭ
Иван Александрович олоҕун аргыһа Устинья Никитична учуутал идэлээх. Саха сиригэр итэҕэстээх оҕолор анал оскуолаларын төрүттэспит үтүөлээх. СР үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна. Кинилэр 1949с. Ньыллаҕа ыал буолар уруулара буолбут, 3 оҕоломмуттар. Эдэр эрдэхтэриттэн үлэлиир кэмнэригэр төрөөбүт Дэбдиргэлэрин, үөрэммит оскуолаларын кытта билсэ, сибээстэһэ, көмөлөһө олорбуттар.
Кыра кыыһа Татьяна Ивановна Аргунова-Лоу билигин Шотландияҕа Абердин университетын старшай преподователэ, антропология кафедратын сэбиэдиссэйэ. Аҕатын дойдутун салалтатын, Э.К.Пекарскай аатынан орто оскуола коллективын кытта билсэ олорор. Сылын аайы оскуоланы туйгуннук бүтэрбит үөрэнээччигэ аҕатын И.А.Аргунов аатынан стипендия аныыр.
ҮЙЭТИТИИ
2006 с. И.А.Аргунов аатынан Игидэйгэ уулусса ааттаммыта.
2010 с. СР Президенин алтынньы 18 к. 313 №-дээх Ыйааҕынан И.А.Аргунов аата билиини-көрүүнү тарҕатар Ытык-Күөл киин библиотекатыгар иҥэриллибитэ.
2012 с. Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата, биир дойдулаахтара, «Аргуновскай ааҕыыларын» ыыппыттара. Кэлин ааҕыылар тэнийэн республикаҕа ыытыллаллар.
И. А. АРГУНОВ СҮРҮН НАУЧНАЙ ҮЛЭЛЭРЭ:
1. О возникновении комсомольской организации в Якутии. – Якутск : Книжное издательство, 1958 г.
2. Дружба могучая, нерушимая. – В сборнике “Якутия глазами зарубежных друзей”. – Якутск, 1960 г.
3. Дьол биһигэ дойдубутугар уонна адьырҕа баайдар ордуулара АХШ-ка. Якутскай : Кинигэ издательствота, 1962 с.
4. Шагнувшие в завтра. – Якутск : Книжное издательство, 1964 г.
5. Социалистической Якутии 50 лет // Полярная звезда. – 1967. – № 2.
6. У истоков социалистической культуры народов Якутии. – Якутск : Книжное издательство, 1971 г.
7. Победа культурной революции // Полярная звезда. – 1972 г.
8.Культура Якутии в годы войны // Политическая агитация. – Якутск. – 1975. – № 1.
9. Сельская молодежь Якутии // Хотугу сулус. – 1976. – № 1.
10. Сельская молодежь Якутии как социально-демографическая группа : Сборник “Сельская молодежь Якутии”. – Якутск, 1977.
11. Культура современного якутского села : Колл. научный отчет “Современное село Якутии”. – 1980.
12. Изучение истории культурной революции в ЯАССР : В книге “Культурное строительство в советской Якутии”. – Якутск, 1984.
13. Социалистическая судьба якутского народа. – Якутск, 1985.
14. Социальное развитие якутского народа. – Новосибирск, 1985.
15. Социальная сфера образа жизни в Якутской АССР. – Якутск : Книжное издательство, 1988. и др.
Кинигэлэргэ
Аргунов Иван Александрович. О возникновении комсомольской организации в Якутии / Якутск : Якутское книжное издательство, 1958. – 22 с. | |
Иван Александрович Аргунов. В стране – колыбели счастья и в США – логове воинствующих заправил (Очерки) / Якутск : Якутское книжное издательство, 1962. – 170 с. | |
Аргунов Иван Александрович. Шагнувшие в завтра. / Якутск : Якутское книжное издательство, 1964. – 52 с. | |
Утро алмазного края / Якутск : Якуткнигоиздат, 1966. – 296 с. | |
Аргунов И. А. У истоков социалистической культуры народов Якутии. / Якутск : Якутское книжное издательство, 1971. – 230 с. | |
Аргунов И. Кэпсээҥҥит, хайдах олороҕут? – Якутскай : Кинигэ издательствота, 1979. – 136 с. | |
Аргунов И. А. Социалистическая судьба якутского народа. / Художник Г. С. Протодьяконов. – Якутск : Книжное издательство, 1985. – 192 с. | |
Аргунов И. А. Социальная сфера образа жизни в Якутской АССР (История формирования и современные проблемы). – Якутск : Книжное издательство, 1988. – 232 с. | |
Светлое эхо: Воспоминания об Иване Александровиче Аргунове // Санкт-Петербург. 1997 г. | |
Суруналыыс, учуонай Иван Александрович Аргунов : биобиблиографическай ыйынньык / И. А. Аргунов аатынан Таатта улууһун киин библиотеката Ҥ [хомуйан оҥордо Т. Д. Бочорукова Ҥ редактор Е. И. Шестакова]. – Ытык Күөл, 2013. – 37 с.
|
|
Иван Александрович Аргунов / [сост. Д. И. Пухов ; отв. ред. И. В. Борисов]. – Якутск : Бичик, 2014. – 176 с. (Ими гордится Якутия). | |
Аргуновские чтения : материалы международной научно-практической конференции (WORKSHOP), 17 апреля 2015 года / [под общей ред. д. социол. н. У. А. Винокуровой ; ред. совет ; Т. И. Аргунова-Лоу, У. А. Винокурова, Д. М. Винокурова и др.]. – Якутск : ИЦ АГИКИ, 2015. – 354 с. – (Культура Арктики ; Вып. 3). |
Игидэй сириттэн силис тардынан, үрдүк чыпчааллары дабайбыт үтүөкэн киһибит кэлэр кэнэҕэски ыччаппытыгар мэлдьи холобур буолар.